Электросамокаттаах дьон тугу билиэхтээҕий? (сүбэһит)
Халлаан сылыйбытынан тус мобильнай тэрилинэн хатааһылыыр дьон өссө үксүөҕэ. Маныаха тугу билэр ирдэнэрий?
Тус мобильнай тэрил (средство индивидуальной мобильности) – биир эбэтэр хас даҕаны хамсатар күүстээх (двигатель) киһи барарыгар-кэлэригэр аналлаах биир эбэтэр хас даҕаны көлүөһэлээх (роликтаах) тэрил. Манна электросамокаттар, электроскейтбордтар, гироскутердар, сигвейдар, моно-көлүөһэлэр уонна маныаха ханыылыы тэриллэр киирсэллэр.
Суол саҥа быраабылатынан тус мобильнай тэриллэр тырааныспар тэрилинэн ааҕыллаллар. Онон СӨ Тырааныспарын уонна суол хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ, суолга сэрэхтээх буолууга кэккэ сүбэлэри биэрэр. Быраабылаҕа ыйылларынан тус мобильнай тэрилинэн (СИМ) чааска 25 км, онтон дьон олорор, бэлэсипиэт сылдьар сиригэр 20 км ордук түргэтиэ суохтаахтар. Аны анал миэстэ суох түгэнигэр оҕону 7 сааһыгар диэри олордор көҥүллэммэт. Быраабыланы сиһилии ыйыллыбыт хартыыналарга көрүҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: