Елена Чернышкова: «Плейстоцен паарката аан дойду кыһалҕатын быһаарар кыахтаах”
Андрей Мельниченко Пуондатын толорор дириэктэрэ Елена Чернышкова пресс-кэмпириэнсийэ кэмигэр “Дьокуускайга бу бастакы кэлиим буолбатах” диэн этэн аһарбыта. Онтон сиэттэрэн, кэпсэтиибин хаһан, хайдах кэлэ сылдьыбытын сураһыыттан саҕалаатым.
– Елена Павловна, кэпсээ эрэ, хаһан, туох сыаллаах биһиги куораппытыгар кэлэ сылдьыбыккыный?
– Ити 2015 сыл кыһыныгар этэ. Оччолорго Наука министиэристибэтигэр үлэлиир этим. Ити кэмҥэ университеттары сайыннарыы киэҥ бырагыраамата олоххо киирэн турар кэмэ этэ. Онон сыалым – ХИФУ салалтатын кытта үлэ этэ. Евгения Исаевналыын олус таһаарыылаахтык үлэлээбиппит. Ол кэмнэртэн үлэбинэн бэрт элбэх куораттары кэрийэбин, уонна тэҥнии көрөбүн. Дьокуускайга куруутун олус тэтимнээх тутуу үлэтэ бара турарын бэлиэтии көрдүм, ону тэҥэ, атын куораттары кытта тэҥнээтэххэ, ыраас уулуссалардаах, чэнчис куорат.
– Пуондаҕыт төрүттээччитин туһунан “наука киһитэ” диэн ахтан аһардыгыт, итини тэнитэн этиэҥ буолаарай?
– Андрей Игоревич – дьикти дьылҕалаах киһи. Бэйэтэ Гомель куораттан төрүттээх, кыра эрдэҕиттэн үөрэххэ сыстаҕас, туйгун үөрэхтээх оҕо эбит. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан дойду таһымнаах олимпиадаҕа кыттан бастаан МГУ иһинэн үлэлиир А. Колмогоров аатынан СУНЦ оскуолатыгар (анал үөрэтэр научнай киин) үөрэнэ киирбит. Ону бүтэрэн баран МГУ физическэй факультетыгар киирбит. Билигин Арассыыйа биир саамай ситиһиилээх бизнесменэ, химия, минеральнай уоҕурдуу оҥоруутун эйгэтигэр үлэлиир. Кыра эрдэҕиттэн билим эйгэтигэр убаммыт киһи буолан, пуонда тэрийэн, билимҥэ сыһыаннаах сүүрээннэргэ көмөлөһүүгэ сүрүн кыһамньытын уурар. Дьыалабыай толкуйдаах киһи быһыытынан өйүүр бырайыактара олоххо сыһыаннаах, туһаны таһаарар кыахтаах буолалларыгар болҕомтотун уурар.
– Паарканы таһынан ханнык бырайыактары Андрей Мельниченко Пуондата өйүүрүй?
– Андрей Мельниченко Пуондата билим эйгэтигэр үгүс хайысханы өйүүр, учуонайдары кытта ыкса үлэлэһэр, үөрэх эйгэтигэр көмөлөһөр. Холобур быһыытынан ылар буоллахха, Пуонда биир саамай өр дьарыктанар бырайыага – тиэхиньиичэскэй билимҥэ айылҕаттан айдарыылаах оҕолору үөрэхтээһин буолар. Биһиги дойду саамай ыраах уһуктарыттан өйдөөх, туйгун үөрэхтээх оҕолору көрдүүбүт, өйүүбүт. Тиэхиньиичэскэй билимҥэ сыстаҕас оҕолору булан 5 кылаастан 11 кылааска диэри бэйэбит тэрийбит үөрэҕирии кииннэригэр, тематическай кылаастарга үөрэтэбит. Бу оҕолор оскуоланы бүтэрэн баран үгүстэрэ бастыҥ университеттарга холкутук киирэр билиилэнэллэр. Тута этэбин – бу бырагыраамаҕа киирэр олус уустук, ол эрэн, талыллыбыт оҕолор кэнники ситиһиилээх дьон буолар кыахтара муҥура суох үрдүүр. Андрей Мельниченко Пуондатын саайтыгар киирэн бырайыакка киирии балаһыанньатын билсиэххэ сөп.
– Андрей Мельниченко Пуондата Плейстоцен пааркатын үлэтин хаһан, хайдах бэлиэтии көрбүтэй?
– Эппитим курдук, Андрей Мельниченко Пуондата билим эйгэтигэр кэскиллээх сүүрээннэри куруутун кэтиир. Биир ордук интэриэһиргиир хайысхабыт – килиимэти чинчийии, глобальнай сылыйыыны утары үлэ буолар. Бу хайысхаҕа хас даҕаны университеты кытта ыкса үлэлэһэбит, килиимэти чинчийэр учуонайдары кытта алтыһабыт. Онон Плейстоцен пааркатын үлэтин өссө хас да сыл анараа өттүгэр бэлиэтии көрбүппүт. Былырыыҥҥыттан ыкса үлэ саҕаламмыта, билигин 10 сыллаах бииргэ үлэлэһии туһунан сөбүлэһии түһэристибит. Плейстоцен паарката – баараҕай бырайыак, кини биэрэр билиитин элбэх учуонай чинчийэн өссө кэҥэтэр кыахтаах. Онон кэлэр сылларга бииргэ оҥорор үлэбит кэҥээн иһиэхтээх.
– Билигин Паарканы кытта үлэ кумааҕы үлэтиттэн тахсан, дьиҥнэээх дьыалаҕа кубулуйда дуо?
– Оннук. Бу сайын бизоннары тас дойдуттан киллэрии, овцебыктары Ямалтан аҕалыы эспэдииссийэтин Андрей Мельниченко Пуондата үбүлээбитэ. Кэлэр кэмнэргэ Пааркаҕа аналлаах тиэхиньикэнэн хааччыйыы, тулалыыр күрүөтүн тутуу былааннанан турар. Андрей Мельниченко Пуондата уон сыл устата таҥыллыбыт барыл иһинэн элбэх тэрээһиннэри ыытыаҕа, онно паарка үлэтин туһунан киэҥ уопсастыбыннас иннигэр билиһиннэрэр буолуоҕа. Холобур, күрүө тутуутугар баҕаналары туруорарга анаан ирбэт тоҥу дьөлөргө аналлаах туспа буур атыылаһыыта былааҥҥа киирбитэ. Өр сыл бииргэ үлэлииргэ икки өттүттэн бэлэм баар.
– Сөбүлэһии балаһыанньатын иһинэн бырайыак хайдах быһыылаахтык барарын кэтэбилэ хайдах буоларый?
– Эппитим курдук, Плейстоцен паарката уонна Андрей Мельниченко Пуондата ханнык хайысхаҕа чинчийии барыахтааһын туһунан уопсай өйдөһүү баар. Ону чиҥэтэн ити партнерскай сөбүлэһиигэ илии баттаммыта. Маннык бырайыак элбэх киһи научнай үлэтин эрэйэр. Онон Никита Зимов уонна кини коллегаларын үлэтин Андрей Мельниченко Пуондата тэрийэр сэминээрдэригэр, научнай түмсүүлэргэ көрө, билэ сылдьыахпыт. Ону кытта Андрей Мельниченко Пуондата бу пааркаҕа араас учуонайдар кэлиилэрин, ыалдьыттыылларын тэрийэр былааннаах. Арассыыйа, омук сирин учуонайдара маннык ураты эспэримиэни илэ харахтарынан көрүөхтэрин баҕараллара саарбаҕа суох. Андрей Мельниченко Пуондата уон сыл устата таҥыллыбыт барыл иһинэн элбэх тэрээһиннэри ыытыаҕа, онно паарка үлэтин туһунан киэҥ уопсастыбыннас иннигэр билиһиннэрэр буолуоҕа.
– Бу бырайыагы быйыл ХНТ килиимэккэ анаммыт 28-с кэмпириэнсийэтигэр учуонайдар иннилэригэр презентациялыыбыт диэбиккит. Бу туох тэрээһиний, туох суолталааҕый?
– ХНТ сыл аайы тэрийэр кэмпириэнсийэтигэр Киотскай дуогабар уонна Парижтааҕы сөбүлэһии иһинэн түмсүбүт судаарыстыбалар бэрэстэбиитэллэрэ мусталлар. Аан дойду килиимэти үөрэтиигэ бастыҥ учуонайдара түмсэн тиһэх научнай чинчийиилэри, ситиһиилэри ырыталлар. Онон Арассыыйа аатыттан Плейстоцен пааркатын бириинсибин, ситиһиилэрин биһиги көрдөрүөхпүт. Айылҕа балаансатын алдьаппакка, араас баламат, саарбах хамнаныылартан быдан сымнаҕас эрээри, олус көдьүүстээх дьайыы холобурун быһыытынан көрдөрүөхпүт. Баар ситиһиилэри көрдөрөн “бу курдук глобальнай сылыйыыны биллэрдик бытаардыан сөп” диэн толкуйу көмүскүөхпүт.
– Бу үлэ туһунан тус бэйэҥ санааҥ хайдаҕый?
– Плейстоцен паарканы кытта үлэбит хас даҕаны сүдү суолталаах сыаллары ситиһэр. Бастатан туран, бу үлэ Арктика эрэгийиэнин айылҕатын тупсарар, саҥа харамайдарынан, отунан-маһынан байытар. Бу бэйэтэ туспа бэртээхэй ситиһии буолар. Ону кытта, эспэримиэн түмүгэр аан дойду биир саамай улахан кыһалҕатын – глобальнай сылыйыыны бытаардыан сөптөөх быһаарыы көстүөн сөп. Бу киһи аймахха барытыгар туһалаах буолуо. Чуолаан Арассыыйа учуонайдара бу үлэни оҥороллорун Андрей Мельниченко Пуондата улахан суолталааҕынан ааҕар. Ону кытта Саха сиригэр элбэх учуонайдар түмсэр, үлэлиир сирдэрэ үөскүүр – Пааркаҕа Андрей Мельниченко Пуондата учуонайдары аҕалара былааннаммыта. Онон Плейстоцен паарката туспа билим киинэ буола сайдыахтаах. Барыбытын элбэх, умсугутуулаах үлэ күүтэр!
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: