Элгэтээҕи чох хостуур сиргэ саҥа уопсайдар тутуллуохтара

Share

Бу сылга «УК «ЭЛСИ» Элгэтээҕи  чох хостуур сиргэ оробуочайдарга анаан сэттэ уопсай дьиэни тутуохтара. Мантан үс уопсай дьиэинженернэй-тиэхиньиичэскэй үлэһиттэргэ уонна икки остолобуой.

Олунньу 11 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев тэрилтэ олоҕун-дьаһаҕын, үлэһиттэр олорор, үлэлиир усулуобуйаларын көрдө.

Элгэтээҕи «УК «ЭЛСИ» хампаанньаҕа  2027 сылга диэри үлэһиттэр ахсааннарын элбэтэр сорук турар. Былырыын Элгэтээҕи чох хостуур хампаанньаҕа оробуочайдарга анаан 18 уопсай дьиэ тутуллубут. Онтон түөрдэ  инженернэй-тиэхиньиичэскэй үлэһиттэргэ аналлаах.  Ону сэргэ остолобуой, таҥас сууйар, аныгылыы тэриллээх мэдиссиинэ пууна тутуллубут.

Хампаанньа үлэһиттэргэ араас чэпчэтиилэри оҥорор. Санаторийга эмтэнэ, сынньана барар айаннарын төлөбүрүн хааччыйар. Дьиэ кэргэннэригэр оҕо төрөөтөҕүнэ эбии төлөбүр уонна уһуйааҥҥа сылдьыы төлөбүрэ толуйуллар.

2021  сыл  күһүнүгэр «Эльгауголь» хампаанньа саҥа исписэлиистэри ылар туһунан биллэрии таһаарбыт. Бу бырайыакка геологтары, маркшейдердары, хайа маастардарын, геодезистары, суоппардары, анал тиэхиньикэ исписэлиистэрин, маастары ыҥырбыттара.

Хаартыскаҕа Андрей Сорокин түһэриилэрэ. СИА

Андрей СОРОКИН (СИА) хаартыскаҕа түһэриилэрэ.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьааҥы Сартаҥар Кыайыы болуоссатыгар Ийэ дойду пааматынньыгын туруордулар

Бу күннэргэ Улуу Кыайыы 80 сылыгар улуустарга уонна нэһилиэктэргэ Бэтэрээннэр искибиэрдэрин саҥардан оҥордулар, Кыайыы болуоссаттарыгар…

53 минуты ago
  • Сонуннар

Улуу Кыайыы бырааһынньыга үрдүк таһымнаахтык ааста

Ыам ыйын 8-9 күннэригэр Үөһээ Бүлүү улууһун Мэйик нэһилиэгэр Кыайыы 80 сылын көрсөр тэрээһин үрдүк…

55 минут ago
  • Кыайыы 80 сыла
  • Сонуннар

Аҕабыт Кыайыыны Рейхстаг аттыгар көрсүбүтэ

Улуу Кыайыы 80 сылын көрсө, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, ууну-уоту ортотунан ааһан, Улуу Кыайыыны…

2 часа ago
  • Сонуннар

Ил Дархан нэдиэлэтэ: Айсен Николаев үлэтин сүрүн түгэннэрэ

Ыам ыйын 6 күнэ. Ил Дархан дойду Үөрэҕин миниистирэ Сергей Кравцовы кытта Дьокуускайдааҕы кадетскай оскуолаҕа…

3 часа ago
  • Сонуннар

Сунтаар 1-кы нүөмэрдээх оскуолатыгар улахан өрөмүөн үлэтэ ыытыллар

Сунтаарбыт саамай элбэх үөрэнээччилээх, улахан кээмэйдээх оскуолатыгар быйыл улахан өрөмүөн үлэтэ ыытыллар. "Модернизация школьных систем"…

3 часа ago
  • Быһылаан

Түөкүттэр аҕам саастаах кэргэнниилэртэн 23 мөл.солк. уорбуттар

Дьокуускай куорат аҕам саастаах олохтоохторо түөкүттэргэ итэҕэйэн 23 мөлүйүөн солкуобайы уордарбыттарын туһунан ИДьМ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.…

3 часа ago