Өлүөхүмэ улууһугар дохсун ардах түһэн баһаар намыраата

Share

Өлүөхүмэ улууһа саас халаантан, оттон сайын саҕаланыаҕыттан баһаартан эмсэҕэлээтэ.

Бэҕэһээ Өлүөхүмэ улууһугар икки зондировщик сөмөлүөт үлэлээтэ. Биир сөмөлүөт Ленскэйгэ уонна Өлүөхүмэҕэ көттө, 151 пироснарядынан былыты ытан ардаҕы үөскэттэ. Иккис сөмөлүөт Алдан уонна Өлүөхүмэ улуустарыгар 152 пироснаряды ытта. Ол түмүгэр бу улуустарга түүнү быһа дохсун ардахтар түстүлэр диэн Өлүөхүмэ улууһун баһылыга Николай Харбин бэйэтин телеграмм-ханаалыгар иһитиннэрдэ.

«Бэҕэһээ былыттаах күн буолан, ардаҕы үөскэтэргэ тоҕоостоох күн буолла. Сарсыарда биһиги баһаарынайдарбытыттан кинилэр сылдьар сирдэригэр дохсун ардах түһэн уоту намыраппытын туһунан үчүгэй сонун кэллэ. Бүгүн биһиэхэ буруобут кыччаата, онон сөмөлүөттэр көтөллөрүгэр усулуобуйа баар. Сөмөлүөттэр бүгүн көттөхтөрүнэ, көдьүүстээх буолуо дии саныыбын. Бу иннинэ буруота хойуу буолан, кэтээн көрөөччү летчиктэр кыайан көппөтөхтөрө. Бэҕэһээ биир баһаар бохсуллубута, ол гынан баран бүтүннүү умуруорулунна диэн бигэргэтии кэлэ илик. Оттон атын баһаардарбытын умуруорууга эмиэ үлэ күүскэ барар. Бүгүн салгынынан кэтээн көрүү кэнниттэн улуус сиригэр-уотугар баар баһаардар тустарынан иһитиннэрии оҥоһуллуоҕа», — диэн улуус баһылыга Николай Харбин иһитиннэрэр.

Улуус баһылыга бу балаһыанньаны уоту умуруорууга төһө кыалларынан толору туһана сатыыбыт, уоту кытары охсуһа сылдьар баһаарынайдарбыт үлэлэрин тохтоппоттор, бүгүн үтүө сонун кэлэригэр эрэнэбит диэн улуус баһылыга санаатын этэр.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан Юрий Григорьевы кытта көрүстэ

Айсен Николаев Судаарыстыбаннай Дуума дьокутаата Юрий Григорьевы кытта оробуочай көрсүһүүнү ыытта. Ил Дархан Юрий Григорьевы…

11 минут ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

ОМС страховкатынан мэдиссиинэ өҥөтө кэҥиир

2025 сылга Арассыыйаҕа доруобуйа харыстабылыгар былырыыҥҥытааҕар биир триллион солкуобайынан элбэх үп-харчы көрүлүннэ. Ол курдук, быйыл…

27 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Кириһиэнньэҕэ маршрутнай оптуобустар сылдьыахтара

Сылын ахсын Кириһиэнньэ күн итэҕэллээхтэр Айыы Тойон Таҥара үөрэҕинэн сибэтиэй уунан сууналлар, уу ылаллар уонна…

56 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьокуускайга икки массыына харсыспыт

Тохсунньу 13 күнүгэр киин куоракка Ойуунускай аатынан уулуссаҕа икки массыына харсыспыт. Быһыылан тахсыбытын туһунан иһитиннэрии…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

ХИФУ учуонайдара Саха сиригэр саас эрдэ кэлэрин бигэргэттилэр

Бу күннэргэ Арассыыйа синоптиктара Арассыыйа олохтоохторугар саас эрдэ кэлиитин эрэннэрбиттэрэ. Ол туһунан дойду гидрометсулууспатын лабораториятын…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Уопсастыба

Инбэлиит оҕолору көрөр-истэр босуобуйа төлөбүрүн кээмэйэ үрдүүр

Инбэлиит оҕолору уонна I группалаах инбэлииттэри көрөр-истэр төрөппүт уонна опекун буолбатах үлэлээбэт дьоҥҥо ыйдааҕы төлөбүр…

2 часа ago