Өлүөхүмэлэр окко туруммуттар
01.08.2023, 17:30
Аксиния Шестакова хаартыската
Бөлөххө киир:
Өлүөхүмэ улууһугар ааспыт нэдиэлэҕэ кураан туран, дьон окко хото туруммута. Ол курдук, бэҕэһээҥҥи туругунан 2799 гектар охсуллубут.
Улуус үрдүнэн 541 звено окко киирбит. 25 көлө-илии, 33 илиинэн оттуур биригээдэ тэриллибит. Толору механизациялаах уонна ситэтэ суох механизациялаах биригээдэлэргэ улаханнык эрэнэллэр. Отчуттар тэйиччи сытар учаастактарга эмиэ оттуу сылдьаллар. Ходуһаларга уопсайа 1308 киһи сүөһүтүн-сылгытын сыл тахсар отун бэлэмниир.
Тыа хаһаайыстыбатын управлениетын начаалынньыга Афанасий Антонов иһитиннэрбитинэн, быйыл сайын 15300 туонна оту кэбиһиэхтээхтэр. Оттооһуҥҥа “Өлүөхүмэ кыладабыайа” ХЭТ 3 звенота атыттарга холобур буолар.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: