Өлүөнэ муостата — бары өттүнэн барыстаах
Cоторутааҕыта Саха сирин устуоруйатыгар хаалар биир бэлиэ түгэн буолан ааспыта. Саха дьоно хас эмэ уонунан сыллар усталарыгар ыра санаа оҥостубут, Өлүөнэ эбэни туоруур муостабытын тутуу бастакы сыбаайата түспүтэ. Сир-дойду иччилэриттэн баараҕай тутууну ыытарга сахалыы сиэринэн көҥүл ылан, күүстээх үлэ саҕаланна.
Ураты уустук тутуу
Бу уустук бырайыактаах тутуу буоларын бары даҕаны өйдүүбүт, исписэлиистэр даҕаны ону билинэллэр. Кыраадыс хамсааһына 100‑н тахсар тыйыс усулуобуйатыгар маннык уһун, улахан муоста тутуллубута диэн ханна даҕаны суох. Онон бу бырайыакка олус улахан болҕомто ууруллар, хонтуруол даҕаны күүстээх буолуо диэн Ил Дархан этэн турар. Бырайыагы өссө 40 сыл анараа өттүгэр дьүүллэһэ сылдьыбыттара, ол кэннэ 1986 сыллаахха эмиэ хамсата сатаабыттара биллэр. Ол гынан баран, Ил Дархан туруорсуутунан, дойду Бэрэсидьиэнин өйөбүлүнэн сыарҕабыт сыҥааҕа дьэ хоҥунна. Бу сүдү инженернэй тутуу үлэҕэ киирдэҕинэ, дьэ абыраныа этибит, уонунан сылларга кэлэр көлүөнэҕэ да туһалыы туруоҕа.
Эргиччи эргиниигэ тирэх
Эппиттэрин курдук, муостабыт туһата, суолтата олус улахан. Экэнэмиичэскэй өттүнэн, сылы эргиччи эргиниигэ барыстаах буолуо дииллэр. Ол курдук, Транссибиирдээҕи уонна БАМ суолларын Хотугу муора суолун кытта ситимниэҕэ. Ону тэҥэ «Лена», «Халыма» айан суолларын «Бүлүү» айан суолун кытта, ол эбэтэр Арассыыйа илиҥҥи өттүн Охотскай муора кытылынааҕы сирдэри кытта холбуоҕа. Өлүөнэ муостатын тутуу Саха сирин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар саҥа түһүмэҕинэн буолуоҕа. Өрөспүүбүлүкэ илин уонна арҕаа өттүн сылы эргиччи ситимниэҕэ.
Эспиэрдэр этэллэринэн, муоста үлэҕэ киирдэҕинэ, тырааныспарынан сырыы түөрт төгүл — 22,2 бырыһыантан 87,3% диэри улаатыаҕа. Аны туран, Иркутскай уонна Магадаан уобаластарын суолунан сырыытын хааччыйыаҕа. Ил Дархан муоста ыаллыы сытар эрэгийиэннэри кытта сылы эргиччи сылдьар тырааныспар сырыытын хааччыйар магистралынан буолуоҕа диэн этэн турар. Сааҥсыйаларынан дойду экэниэмикэтэ Азия дойдуларын диэки хайыспыт кэмигэр бу улахан суолталаах. Инникитин бу норуоттар икки ардыларынааҕы «Европа — Хотугу муора пуорда — Тиксии — Дьокуускай — Благовещенскай — Кытай — АТР» тырааныспар суолунан буолуохтаах, иккис өттүнэн Хотугу муора пуордун кытта холбуохтаах.
Санаалар
Владимир Сивцев, СӨ тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатыгар миниистирэ:
—Саха сиригэр Өлүөнэни туоруур муостаны тутууну РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин улаханнык өйөөн, үлэ саҕаланна. Атырдьах ыйыттан бэлэмнэнии үлэтэ күүскэ барда. Технологическай былаһаакка оҥоһуллан, бетон собуота туруоруллан, сыбаайа арматууратын каркааһын оҥорор станоктар турдулар. Икки кытылга оробуочайдар бөһүөлэктэрэ баар буолуоҕа. Уҥа кытылга эмиэ технологическай былаһаакканы бэлэмнээһин үлэтэ бара турар. Сыл бүтүөр диэри бу кытылга тирэх буолар 50‑н тахса сыбаайаны үүттүөхтээхтэр. Күүстээх тымныылар түһүөхтэригэр диэри сири үүттээһин үлэтэ барыа. Өлүөнэ муостатын тутуу Арассыыйаҕа суол үлэтин сайыннарыы биэс сыллаах былааныгар киллэриллибитэ. Бу улахан тутуу — Саха сирин дьонун-сэргэтин уруккуттан баҕалара, ол ыра санааттан саҕаланан олоххо киирэр.
Айаал Бурцев, Таатта улууһун баһылыга:
— Өлүөнэ эбэни туоруур муостаны тутуу Саха сиригэр экэнэмиичэскэй сайдыыга саҥа саҕахтары арыйар историческай түгэн буолар. Уһулуччулаах инфраструктурнай бырайыагынан буолар Өлүөнэ муостатын тутуу сүрүн кэрдииһэ саҕаламмытын истэн олус үөрдүм. Бу илин эҥээр улуустарга уонна өрөспүүбүлүкэ экэнэмиичэскэй сайдыытыгар саҥа саҕахтары арыйар историческай түгэн буолар. Өлүөнэ өрүс кытылыгар бастакы сыбаайаны түһэрии — улахан инженернэй тутуулары оҥорууга бастакы хардыы эрэ буолбатах, бу барыбытыгар эрэл уонна саҥа кыахтар ураты бэлиэлэрэ буолар. Өр сыллар усталарыгар күүппүт түгэммит билигин чахчы олоххо киирэр буолла.
Надежда Владимирова, Амма улууһун Сулҕаччы нэһилиэгин олохтооҕо:
— Өлүөнэ өрүһү туоруур муоста тутуллуутун бастакы сыбаайата ууруллуута Саха сиригэр суолтата улахан. Өлүөнэ эбэни туоруур муоста тутуллуута саҕаламмытын, бастакы сыбаайата ууруллубутун ааҕаммыт, көрөммүт олус үөрдүбүт. Биһиги, аммалар, уопсайынан, атын даҕаны илин эҥээр улуустар олохтоохторо Өлүөнэ эбэни туоруур муоста тутуллуутун долгуйа, эрэнэ күүппүппүт ыраатта. Хас эмэ көлүөнэ илин эҥээр олохтоохторо муоста тутуутун ыра санаа оҥостон кэллибит, онтубут олоххо киирэн эрэрэ долгутуулаах да, үөрүүлээх да. Итини таһынан, Саха сирин экэниэмиэкэтэ сайдарыгар кыаҕы биэриэ, харгыһа суох сырыы, кэлии-барыы элбиэ.
Гипростроймост институт үлэһиттэрэ тутуу бырайыагын эрэгийиэн килиимэтин уонна геологиятын уратытын учуоттаан оҥорбуттар. Бырайыак быһыытынан 26 тирэх туруохтаах: үс өрүс сүнньүгэр, атыттар икки кытылга тахсар сирдэргэ. Кураанах сиргэ тирэҕи тутар сыбаайа ахсаана 18‑н — 32‑гэ тиийэ, өрүс сүнньүгэр 102‑тэн 208‑ка диэри буолуохтара. Сыбаайалар усталара 10‑н — 40 м тиийэ. Саамай улахан тирэх тутуутугар 208 сыбаайа уонна 10000 куб. м бетон тутуллуохтаах. Ураты оҥоһуулаах муоста тимир торуостарынан икки өттүттэн кэтит оҥоһуулаах тирэхтэргэ холбонон ыйанан туруохтаах. Ол кэтит тирэхтэрбит 194,5‑тэн 284,5 м тиийэ үрдүктээх буолуохтара. Оттон муостабыт уһуна 4,6 км, кытылтан киириини кытта холбоон 14,5 км буолуоҕа. Муостанан сууккаҕа 5300 массыына ааһыаҕа, икки балаһалаах буолуоҕа.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: