Энэргиэтиктэр уот лииньийэтин чөлүгэр түһэрэллэр

Энэргиэтиктэр уот лииньийэтин чөлүгэр түһэрэллэр

18.09.2023, 14:00
СИА хаартыската
Бөлөххө киир:

Ааспыт нэдиэлэ бүтүүтэ Дьокуускай куоракка, таһынааҕы нэһилиэктэргэ уонна ыаллыы сытар улуустарга күүстээх тыал түһэн саахал тахсан, уоттара арахсыбыта.

«Якутскэнерго» ААУо Киин электрическэй ситимнэрин энэргиэтиктэрэ түүннэри-күнүстэри чөлүгэр түһэрии үлэтин ыыталлар. Эбии Покровскай уонна Горнай РЭС-н биригээдэлэр кэлэн үлэлии сылдьаллар диэн «Якутскэнерго» ААУо пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Бүгүн сарсыарда 8 ч. туругунан, сэттэ сайаапканы көрдүлэр уонна 24 алдьаныыны чөлүгэр түһэрдилэр.

Билиҥҥи кэмҥэ чөлүгэр түһэрии үлэтигэр аҕыс биригээдэ үлэлиир, үс биригээдэ суһал ыҥырыыга сылдьар.

«Ааспыт өрөбүллэргэ энэргиэтиктэр барыта 201 сайаапканы көрдүлэр. Билиҥҥитэ Сайсары, Мерзлотка, Гимеин, Газовиктар, Геологтар бөһүөлэктэрин, 17 кыбаартал, Сэргэлээх шоссетын 4-9 км, Хатыҥ-Үрэх шоссетын 6-8 км, Покровскай суолун 9 км лииньийэлэригэр тахсыбыт технологическай кэһиилэри туоратыы хаалла», — диэн Киин электрическэй ситимнэр начаалынньыга Алексей Березовскай эттэ.

Сүрүн технологическай кэһиилэр тахсыбыт биричиинэлэринэн боруобат хатыһыыта, быстыыта уонна боруобаттар тэҥҥэ холбоһон умайыылара буолар.

Нам улууһугар Намнааҕы РЭС энэргиэтиктэрэ уот саахалын чөлүгэр түһэрдилэр. Бу өрөбүллэр усталарыгар РЭС бары күүстэрэ өрөмүөн үлэтигэр кытыннылар. Өрөмүөн үлэлэрэ салҕыы ыытыллаллар.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
24 ноября
  • -27°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: