Салгыы
Эрэкэлээмэ албын дуу, дьиҥнээх дуу?

Эрэкэлээмэ албын дуу, дьиҥнээх дуу?

27.01.2024, 17:00
Анивера Акимова хаартыскаҕа түһэриитэ
Бөлөххө киир:

Үйэ уларыйан эбитэ дуу, саҥа олох ирдэбилэ эбитэ дуу, маҕаһыыннарга кэнники табаардарын босхону эрэ үрдүнэн атыылыыбыт диэн биллэрии, аныгылыы эрэкэлээмэ элбээтэ. Мэлдьи буоларын курдук, бэлиэ күннэр, бырааһынньыктар аайы таҥас-сап,  дьиэҕэ-уокка туттуллар тиэхиньикэ маҕаһыыннарыгар «үлүгэрдээх» чэпчэтиилэри биллэрэллэр.  Дьиҥнээхтии маннык чэпчэтэн атыылыыллар дуу, дьону тардар албастара дуу?

Быйыл Саҥа дьыл кэнниттэн  биир дьүөгэм «Стокгольм» диэн маҕаһыын «үлүгэрдээх» чэпчэтиини биллэрбитигэр, тоһуттар тымныыга тоҥон-хатан куорат кытыытынааҕы маҕаһыыннарыгар бара сылдьан мэлийэн кэлбитин, биир-икки кыра уонна дьиэктээх табаардарын кыратык чэпчэтэн атыылаабыттарын кэпсээбитэ.  Маннык хартыынаны билигин хас хардыы аайы көрүөххэ сөп. Кэлин оннооҕор аан дойду үрдүнэн «хара бээтинсэ» диэни оҥорон,  сэтинньи ыйга биир­диилээн атыыһыттар уонна интэриниэт-маҕаһыыннар күннүүллэр. Маҕаһыын аайы кэриэтэ «Ликвидация товара! Распродажа до 90%» диэн биллэриилэр ыйаммыт буолаллар. Ол эрээри атыылаһааччылар ханнык даҕаны  90% диэри чэпчэтии суоҕуттан санаалара түһэн, хомойон тахсаллар. Бу биһиэхэ, сахаларга, үгүстүк көстөр дии саныыбын.

Атыылааһын эбэтэр суох оҥоруу

Ардыгар тэрилтэ, маҕаһыын сабылларынан, табаары суох оҥороору эбэтэр «ликвида­циялыыбыт» диэн биллэ­риилэр күөрэйэн тахсааччылар, эмиэ босхону эрэ аннынан сыанаҕа биэрэбит диэн. Ол эрээри, атыылаһа тиийдэххэ, эмиэ аҕыйах бырыһыан түспүт буолар. Оттон «ликвидация» диэн киэҥ өйдөбүлүнэн, табаары суох оҥоруу эбэтэр ырыынак сокуонунан, ыстандаарка эп­­пиэттээбэт эбэтэр атыыга тахсара бобуулаах бородууксуйаны төрдүттэн суох оҥоруу диэн буолар. Ону биһиэхэ барбатах табаардарын батараары эбэтэр дьиэктээх тиэхиньикэлэрин атыылаары тутталлар, бу, дьиҥинэн, сыыһа.

Дьокуускайга итинник биллэриини Атыы-эргиэн кииннэригэр ювелирнай уонна таҥас-сап маҕаһыыннарыгар көрүөххэ сөп. Үгүс маҕаһыыннар бырааһынньыктарга, бэлиэ түгэннэргэ сөрөөн чэпчэ­тиини биллэрэр буоллахтарына, сорохторго кыһыл «сыанньык» мэлдьи ыйанан турар буолар. Саҥа дьыл иннинэ «Айсберг» атыы-эргиэн киинигэр биир маҕаһыын сабылларынан сибээс­тээн табаарын «ликвидациялыыр» диэн биллэрии баара. Билэр дьонум онно тиийэ сылдьыбыттара сыанатын үрдэтэн баран, онтон аҕыйах бырыһыан эрэ кыччаппыттарын кыһыйан-абаран кэпсээбиттэрэ. Саҥа дьыл кэннэ «Айсберга» тиийэ сылдьыбытым, бу маҕаһыын олох даҕаны сабыллыбатах, хата атын сиргэ көһөн, кэҥээн биэрбит. Бу маҕаһыыннар дьону тардар албастарыттан биир­дэстэрэ диэххэ сөп. Оттон 50-н 90%-ҥа диэри диэн «хаһыытыыр» биллэриилэрэ – бэ­­йэлэрэ атыыласпыт сыаналарыттан үс-түөрт төгүл үрдэтэн баран, онтон кыратык чэпчэ­тиилэрэ эрэ буолар.

Түүлээх саҕынньах уонна дубленка

Аны күһүн-саас эр киһи, дьахтар дубленкаларын дьаар­баҥката буолар диэн биллэрии­нэн олорор дьиэлэр, оптуо­бус тохтобуллара, олбуордар сыбаммыт буолаллар. Соторутааҕыта биир дьахтар маннык дьаарбаҥкаларга «муодаттан» тахсан хаалбыт таҥастары атыылыыллар, ким кэтиэ диэн аҕалаллара буолла диэбитэ. Элбэх киһи бу «контрафакт» табаардар буолалларын эмиэ билэр. «Контрафакт» диэн ханнык эрэ ааттаах-суол­лаах пиирмэ дуу, баабырыка дуу оҥоһугун үтүктэн оҥорон атыылааһын буолар. Биллэн турар, маннык таҥас-сап, та­­баар хаачыстыбата мөлтөх, ардыгар сытынан аҥылыйа сылдьар буолар. Кэнники икки сылга «Мир кожи и меха», «Снежная королева», «Max Mara», «Виктория Андреянова» бренд буолбут табаардарын үтүгүннэрэн атыылыыллар, маннык «айанныы сылдьар атыыһыт түөкүттэр» Дьокуускайга уонна Тюмеҥҥэ чаастатык сылдьаллара бэлиэтэнэрин «Коммерсант» суру­йар. Чаастатыйбыт диир буол­лахтарына, ол аата, биһиги дьоммут  «контрафакт» табаар­дары хамаҕатык атыылаһар буоллахтара.

Ювелирнай маҕаһыыннар мэлдьи чэпчэтиилээхтэр

Бары да көрө-билэ сылдьабыт, көмүһү, алмааһы атыылыыр маҕаһыыннарга барыларыгар мэлдьи 40-н 60%-ҥа диэри чэпчэтии диэн турар буолар. Оттон сыанатын саамай чэпчэтэр маҕаһыынынан «Санлайты» ааттыыллар. Бу маҕаһыын биһиэхэ эмиэ аһыллыбыта балачча буолла. Сыл аайы хаста эмэ маҕаһыын сабыллан эрэринэн чэпчэтии буолар диэн биллэрии ыытар. Ардыгар маннык биллэрии киһини кыйахыыр да курдук буолар.

Арассыыйа киин өттүгэр «Санлайт» маҕаһыыннары реклама сокуонун кэһэллэрин иһин ыстарааптыылларын үрдүнэн, барыстара он­­нооҕор улахана бэрт буолан быһыылаах, тохтооботтор эбит. Эрэкэлээмэ сокуонун кэһии иһин ыстараап биирдиилээн урбаанньыттарга – 4000-20000 солк., оттон хампаанньаларга – 100000-500000 солк. диэри.

Элбэхтэн биир холобур

Маннык «айанньыт атыы­һыттар» Саха сирин элбэх улууһунан сылдьан атыылыылларын истэбит. Былырыын Үөһээ Бүлүү улууһун киинигэр иккитэ төхтүрүйэн тии­йэн атыылыы сатаабыттар. Хата икки түгэҥҥэ экэнэмиичэскэй буруйу оҥорууну утары үлэлиир полиция үлэһиттэрэ тута кэлэннэр, атыыны тохтотон, ол дьону утаарбыттар. Ол да буол­лар, атыы-эргиэн саҕаланаатын тиийбиттэр илии тутуурдаах барбыттар.

«Биһиэхэ итинник атыы­һыттар дөрүн-дөрүн кэлэллэр. Көҥүллээх буоллахтарына, табаардарын хамаҕатык атыылаан бараллар. Ардыгар Иваново баабырыкаларын утуйар таҥастарын, Белоруссия ис-тас таҥастарын, кыһынын тоҥ, туус­таах балыгы, күһүн, саас клубника, атын да отоннору атыы­лааччылар. Урбаанньыттарбыт дьон тугу баҕарарынан табаардарын саҥардан, арааһын элбэтэн иһэллэрэ буоллар, кэлиэ суох эбиттэрэ буолуо. Ол гынан баран, кылгас кэмҥэ кэлэн атыылыыр дьон сыаналара чэпчэки буолан, дьон хамаҕатык атыылаһар», – диэн Үөһээ Бүлүү олохтооҕо Анна кэпсиир.

Түмүк

Маркетологтар гильдияларын сэбиэтин чилиэнэ Дмитрий Иванюшин этэринэн, Европа дойдуларыгар баар чэпчэтии эрэкэлээмэтин атын көрүҥнэрэ Арассыыйаҕа өссө даҕаны кэлэ иликтэр. Онон өссө даҕаны угаайылаах абылаҥҥа ылларыахпыт турдаҕа. Эспиэрдэр сыаналыылларынан, эрэ­кэлээмэ үксүн элбэх киһиэхэ, маассаҕа барыһы ыларга туһуланар, хаачыстыба онно көрүллүбэт. Сорох эспиэрдэр со­­куон сымнаҕаһынан, былаана суох бэрэбиэркэни ыытыыны тохтотоннор, полиция үҥсүү баар буоллаҕына эрэ, атыылааччы докумуонун бэрэбиэркэлиэн сөп диэн быһаараллар. Оттон юрист Денис Ковалев накаастабыл сөптөөх мэхэньиисимэ суоҕун этэр: «Күн бүгүн туһанааччылар бырааптарын кэһии иһин уонунан тыһыынча солкуобай эрэ ыстарааптаналлар, туһа­нааччы албыннаабыттарын иһин толуйууну да, табаарын да үгүс түгэҥҥэ төнүннэрэр кыаҕа суох».

Түмүктээн эттэххэ, үгүс киһи «эрэкэлээмэ сиэртибэтэ» буолар эбит. «Чэпчэтии» уонна «ликвидация» диэн тыллар аан дойду үрдүнэн дьону абылыыр кыахтаммыттар. Эрэкэлээмэ күүһэ диэн итини этэн эрдэхтэрэ. Онон барыта биһигиттэн, атыылаһааччылартан, бэйэбититтэн  эрэ тутулуктааҕын, «кылабачыйар эрэ барыта көмүс буолбатаҕын» курдук, эрэкэлээмэ эрэ барыта дьиҥнээх буолбатаҕын өйдүөхтээхпит.

+1
0
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -24°C
  • Ощущается: -30°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: