«Эрэл» киин үлэһиттэрэ үөрэнээччилэргэ ыалдьыттаатылар

Share

Сэтинньи ый 17 күнүгэр  үөрэхтээһин  Харбалаахтааҕы холбоһугар  «Эрэл» сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолорго Тааттатааҕы реабилитационнай киин үлэһиттэрэ төрөппүттэри, оҕолору кытта үлэлэһэн бардылар. Сарсыарда 9 ч.15 м. нэһилиэк дьаһалтатыгар консилиум буолла.

Оҕолорго «Брейн-ринг» оонньууну ыыттылар. 8-11 кылаас оҕолоругар иккис уруок кэнниттэн  сэттэ түһүмэхтээх викторина ыыттылар. Оонньууга кылаас ахсыттан алталыы о5олоох хамаанда туруорулунна. Бастаабыт хамаанда «Хадаайы» түмэлигэр муус оҥоһуктаах сиргэ буор-босхо сынньанан, мууска сырылаан,  хаҥкылаан кэлэр путевканы ылар чиэскэ тигистэ.  Оҕолор бары көхтөөхтүк кытыннылар. Бэрт интэриэһинэй, сэргэх тэрээһин ааста, 1-кы хамаанда бастаата. Кинилэр «Хадаайыга» сынньана барар босхо путевканы тутан олус үөрдүлэр.

Онтон төрөппүттэри, учууталлары кытары көрсүһүү буолла. Бэртээхэй кэпсэтии таҕыста, оҕолорго туһалаах сүбэ-ама бэрилиннэ. Бэйэ дьыалатын тэриниэн баҕалаахтарга социальнай хантараак  туһунан сиһилии быһаарыы, сырдатыы болҕомтону тарта.

Ити курдук, Харбалаахха олус туһалаах тэрээһин буолбутуттан оҕолуун, улахан дьоннуун бары астынныбыт. Улаханнык үөрэн-көтөн туран, Тааттатааҕы  «Эрэл»   үлэһиттэригэр барҕа махталбытын тиэрдэбит!

Наташа НИКИФОРОВА,

11 кылаас үөрэнээччитэ, Харбалаах

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күн-дьыл туруга:  ахсынньы 14 күнэ

Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий?  Ленскэй, Халыма-Индигиир улуустарыгар, күнүс Дьааҥыга…

4 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

“Сыл учуутала-2024” күрэс кыайыылааҕын аата билиннэ

Нэдиэлэ устата барбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл учуутала-2024” күрэс Саха сиринээҕи түһүмэҕэ түмүктэннэ. Үөрүүлээх быһыыга-майгыга лауреаттар,…

11 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сирин биллиилээх дьоно “Покров и защита” уордьанынан наҕараадаланнылар

“Бары бииргэ Кыайыыга!” 1-кы Өрөспүүбүлүкэтээҕи байыаннай-патриотическай пуорумҥа “Покров и защита” уордьанынан Афганскай сэрии бэтэрээнэ Валерий…

12 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Ахсынньы 30 күнүгэр диэри сахалыы киинэлэри уонна кинигэлэри босхо көрүөххэ сөп

«Сахафильм» устуудьуйата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ «Киинэни ааҕабыт!» бырайыагы үлэлэттилэр . Ол курдук, Саха сирин…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга бутлегертан 18 лиитэрэ арыгы былдьаатылар

Дьокуускайга полиция сулууспата сокуоннайа суох арыгы атыылааччылары буларга туһуламмыт рейдэлэри салгыы ыытар. Ол курдук, сокуоннайа…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Чурапчы пиэрмэрэ сири оҥорууга федеральнай субсидияны ылыаҕа

Арассыыйа бырабыыталыстыбата 15 эрэгийиэҥҥэ, ол иһигэр Саха сиригэр, тыа хаһаайыстыбатын сирдэрин оҥорууга үлэ ороскуотун толуйуу…

13 часов ago