Өрөмүөннэтэ биэрбит массыынатын атыылаан кэбиспиттэр…
29.11.2024, 11:11
Хаартыска: PxHere
Бөлөххө киир:
Массыынаны атын дьоҥҥо өрөмүөннэтэ биэрэр сэрэхтэммит. Ол курдук, куорат олохтооҕо массыынатын биир киһиэхэ өрөмүөннэтэ биэрбитин, онтун атыылаан кэбиспит…
Ис дьыала министиэристибэтин Дьокуускайдааҕы 4-с нүөмэрдээх отделыгар өрөмүөннэтэ биэрбит массыынатын кыайан төннөрбөтөх биир дьахтартан сайабылыанньа киирбит.
Полицейскайдар бу уорууга буруйдаах урут сууттана сылдьыбыт 31 саастаах, Бүлүүттэн төрүттээх эр киһини туппуттар.
Ол курдук дьахтар массыынатын өрөмүөннээн баран, уорбаланааччы харчыга ыктаран 90 000 солк. атыылаабыт. Албыннаан балтым массыынатын атыылыыбын диэбит. Харчытын бэйэтин наадатыгар туттубут, иэстэрин саппыт.
Эр киһиэхэ РФ Холуобунай кодексын 160 ыст. 3 чааһынан холуобунай дьыала көбүтүлүннэ.
+1
3
+1
+1
+1
1
+1
15
+1
3
+1
1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: