Айсен Николаев Нерюнгритааҕы ГЭС 2-с уочаратын тутуутун бэрэбиэркэлээтэ

Share

Бүгүн Ил Дархан Айсен Николаев оробуочай сырыытын чэрчитинэн Нерюнгритааҕы ГЭС 2-с уочаратын тутуутун көрдө-иһиттэ. Тутуу хаамыытын туһунан «УК ГидроОГК» АУо «Нерюнгринскай» филиалын директора Андрей Носов уонна Нерюнгритааҕы ГРЭС директора Борис Краснопеев кэпсээтилэр.

Санатар буоллахха, Нерюнгритааҕы ГРЭС-и өссө кэҥэтэн 225 Мвт кыамталаах икки энергоблогу тутар туһунан быһаарыныы  икки сыллааҕыта  ылыллыбыта. Бу энергоблоктар үлэлээн бардахтарына бөдөҥ бырамыысыланнай тэрилтэлэргэ өссө улахан кыаҕы биэриэ, ону таһынан «РЖД» ААУо Илиҥҥи полигонун сайыннарыыга улахан кыамталаах подстанциялары уонна оройуону күүстээх уотунан хааччыйыа.
Билиҥҥи туругунан, инженернэй чинчийиилэр бүтэннэр, тутуу барар сирин-уотун уонна бырайыактыыр докумуоннарын кэмпилиэктэрэ оҥоһуллан Главгосэкспертизаҕа бэрэбиэркэҕэ ыытыллыбыттар. Ону таһынан сүрүн оборудованиены – турбоагрегаттары уонна котлоагрегаттары ылыыга куонкурус барыахтаах.
Эбийиэк тутуллуутун хаамыытын билсэн баран Айсен Николаев бырамыысыланнас уонна геология миниистиригэр бу тутуллар саҥа эбийиэги каадырынан хааччыйарга анаан анал мунньаҕы тэрийэн ыытары сорудахтаата. Ол курдук, бу эбийиэк үлэҕэ киирдэҕинэ 300-тэн тахса саҥа үлэ миэстэтэ тахсыа диэн былаанныыллар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Биисинэс-Экспоттан» саҕалаабыт Вера Лиханова дойду таһымыгар үлэлиирдии үүннэ

"Биисинэс-Экспо" урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буоллаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла…

1 час ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

204 саастаах алтан чуораан

Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар. "2020…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дмитрий Садовников Горнай улууһугар тутулла турар эбийиэктэри көрдө

Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Итэҕэй-итэҕэйимэ: Дьылҕаҕа сыыппара суолтата

Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр,…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айтишниктарга үчүгэй сонун

РФ бырабыыталыстыбата резервнэй пуондаттан чэпчэтиилээх IT-ипотекаҕа 23,5 млрд солк. көрдө. Туһааннаах дьаһалга премьер-миниистир Михаил Мишустин…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Аныгы технологиялар тыа хаһаайыстыбатын хайдах уларыталларый?”

Бу күннэргэ СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ министиэристибэтин сыллааҕы үлэтин түмүктүүр тэрээһиннэр ыытылыннылар. “Үбүлээһин саҥа…

3 часа ago