Өрөспүүбүлүкэтээҕи анал (коррекционнай) интэринээт-оскуола саада уокурукка бастыҥынан ааттанна

Share

Өрөспүүбүлүкэтээҕи анал (коррекционнай) интэринээт-оскуола саада Сайсары уокуругар “Цвет знаний” номинацияҕа 1 миэстэни ылла. Оскуола саада сыллата уокурук куонкуруһугар  бастыыр, былырыын Дьокуускай куоракка 1 миэстэни ылбыта.

Сыл ахсын “Гармония с природой” харахтарыгар, кулгаахтарыгар кэһиллиилээх оҕолорго аналлаах экология куруһуога оскуола саадын үүннэрэн киэргэтэр. Хас биирдии сибэккини, үүнээйини уопуттаах педагогтар салайыыларынан оҕолор сылаас илиилэрин олордоллор. Куруһуок үлэтин иитинэн оҕолор үлэни, айылҕаны таптыы үөрэнэллэр, биисинэс бырайыак саамай бастакы сатабылын иҥэринэллэр.

“Сыллата сибэкки олордор сирдэрин тиэмэлэринэн уларытан иһэллэр: «Игры детей Азии», «Журавли Победы», «Мама для мамонтенка», «Сельское подворье», былырыын – үөрэххэ ураты ирдэбили эрэйэр биһиги оҕолорбутугар хорсун санааны, олоххо тапталы көрдөрбүт «Смелая девочка Карина Чикитова». Оттон быйыл оскуола саадын “Там, где танцуют стерхи” диэн ааттаан киэргэппиттэр. Бу курдук ааттаах киинэни көрөн баран ыарыытын кыайан, чугас дьонугар уонна барыны эмтиир айылҕаҕа тапталын туһугар туран хааман, тулууру, үлэһит буолууну, доруобуй уонна туохтан да куттаммат буоларга дьулуһууну көрдөрбүт уолтан сөҕөн, киэн туттан киэргэттилэр” – диэн куруһуок салайааччыта Наталья Ефремова бэлиэтиир. Бу туһунан үөрэх кыһатын пресс-сулууспатыгар сигнэн, Үөрэх уонна билим министиэристибэтэ сырдатар.

Хаартыска: minobrnauki.sakha.gov.ru
Хаартыска: minobrnauki.sakha.gov.ru
What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Өлөөҥҥө сэтинньи 23 күнүттэн тымныйда

Ааспыттааҕы күнү-дьылы билгэлииригэр Тускул Өлөөн улууһун күнэ-дьыла Саха сирин күнүн-дьылын оҥорор диэбитэ. Ол иһин, Өлөөн…

1 минута ago
  • Култуура

Бүгүн буойун-суруйааччы, бэйиэт Тимофей Сметанин төрөөбүтэ 105 сыла буолла

Бүгүн, сэтинньи 25 күнүгэр, буойун-суруйааччы, бэйиэт Тимофей Егорович Сметанин төрөөбүтэ 105 сыла буолла.  2019 сыллаахха…

16 минут ago
  • Сонуннар

Көнөрө буоллар

Аҕыйах хонуктан ыла Дьокуускай уулуссаларынан оптуобустар сырыылара уларыйан, айанньыттар бары саҥа маршруппутугар үөрэнэбит. Сыыһа-халты олорсуу,…

24 минуты ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бурматов саҥа сокуону бэлэмнии сылдьар

Госдуумаҕа кыылларга кырыктаах сыһыан иһин ыстарааптыыр туһунан сокуон барылын оҥоро сылдьаллар. Сокуон барылын көҕүлээччитэ --…

31 минута ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Саха сирин оскуолаларыгар саҥа үөрэх дьылыгар үүнээйини олордуу саҕаланна

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Сыымах нэһилиэгин Баатара оскуолатыгар тохсунньу ыйтан оҕолор салаат уонна оҕурсу үүннэрэр тэпилииссэлэрэ…

46 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Муус уонна хаар оҥоһуктар быйылгы тиэмэлэрэ — Улуу Кыайыы 80 сыла

Быйыл «Саха сирин бриллианнара» («Бриллианты Якутии») муус уонна хаар оҥоһуктарын норуоттар икки ардыларынааҕы күрэҕэ 2024…

1 час ago