Салгыы
Өрөспүүбүлүкэтээҕи тиэрмин хамыыһыйата 243 тылы бигэргэппит

Өрөспүүбүлүкэтээҕи тиэрмин хамыыһыйата 243 тылы бигэргэппит

24.04.2024, 11:13
Хаартыска: Мария Васильева, СИА.
Бөлөххө киир:

Былырыын Национальнай  бэчээт күнүн көрсө Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕын толоруунан, СӨ Бырабыыталыстыбатыгар тиэрмин хамыыһыйата тэриллибитэ. Сылы кыайбат кэм иһигэр хамыыһыйа 243 тиэрмини бигэргэппит.

Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников салайааччылаах өрөспүүбүлүкэтээҕи тиэрмин хамыыһыйата, нуучча тылыттан сахалыы тылбаастаммыт, киэҥник туһаныллар, министиэристибэлэр уонна биэдэмистибэлэр салааларынан барыта 243 тиэрмини ылынан бигэргэппит. Итинтэн доруобуйа харыстабылыгар 64, бырамыысыланнаска уонна геологияҕа 43, судаарыстыбаннай тутууга уонна дьиэни-уоту кэтээн көрүүгэ 105, култуура нэһилиэстибэтигэр 31 тиэрмини бигэргэппиттэр. Ити туһунан Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Бу тыллар сорохторо күн бүгүн күннээҕи олохпутугар бигэтик киирэн туттулла сылдьаллар, атыттары дьон биһирээн эрэр. Эрдэ сахалыы суруйар хаһыаттар бу тыл хайдах тылбаастанара, сөптөөҕө туох диэн эбитэ буолла диэн төбөбүтүн сыһар эбит буоллахпытына, билигин бэлэм тыллары туттар бэрт судургу, табыгастаах буолла.

Бигэргэммит, “Саха сирэ” хаһыакка тахсыбыт тиэрминнэри бу ыйыллыбыт сигэлэринэн киирэн көрүҥ.

Сахалыы тиэрминнэри бигэргэтэн эрэллэр,

Саҥа тиэрминнэри бигэргэттилэр

Бырамыысыланнаска уонна геологияҕа сыһыаннаах тиэрминнэр тылбаастара

Былаас уорганнарын сахалыы ааттара бигэргэннилэр

Доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр туттуллар тиэрминнэр кэрискэлэрин тылбаастаабыттар

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -39°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: