Саха эстрадатын ырыаһыта Эрхаан олунньу, кулун тутар ыйдарга байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарга тиийэн кэнсиэртээн, волонтердаан биир дойдулаахтарбытын улаханнык сэргэхситэн тураллар.
Байыаннай дьайыы сириттэн кэлээт, Эрхаан байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарга анаан «Эр хоһуун хотойбут» диэн саҥа ырыатын сүрэхтээтэ. Бу туһунан ырыаһыт:
Москваҕа постпредствоҕа сылдьыбыппар, миэхэ «Саха сирэ» хаһыат таһаарбыт «Эргиллиҥ кыайыы көтөллөөх» диэн хоһоон хомуурунньугун бэлэхтээбиттэрэ. Бу кинигэҕэ өрөспүүбүлүкэ араас хоһоонньуттарын хоһоонноро киирбиттэр этэ. Мин бу хомуурунньуктан түөрт хоһооҥҥо ырыа айбытым. Байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбытыгар анаан Маргарита Егорова диэн Ньурба улууһун Чуукаар нэһилиэгин олохтооҕун «Эр хоһуун хотойбут» хоһоонугар ырыа айан баран били бэйэм суруйбут хос ырыабын эбэн биэрдим, — диэн биһиги саайпытыгар санаатын үллэстибитэ.
Ахсынньыга үөрэх үлэһиттэрин саамай улахан күөн күрэһэ — Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл учуутала‑2025” күөн күрэс өрөспүүбүлүкэтээҕи…
2026 сыл зодиак бары бэлиэлэригэр уларытыыны, бэлэҕи бэлэмнээн турар. Сорохтору дьылҕаларын быһаарар көрсүһүү, үлэҕэ үрдээһин…
sakha-sire.ru саайт «Кэпсээннэ истиэҕиҥ» диэн бырайыагар «Саха сирэ» хаһыат суруналыыһа Людмила Попова "Оҕо кута" кэпсээнин…
2026 сыл хайдах буолуоҕун Саха сиригэр киэҥник биллибит экстрасенс Алексей Иванович Божедонов‑Сырдык хаһыаппыт ааҕааччыларын кытары…
Тохсунньу – Таҥха Хаан Айыы ыйа. Тохсунньу тутула Тохсунньуну былыр бүтэй кэм дииллэрэ. Хотугу сахалар…
Саха сиригэр саҥа сыл саҕаланыытыгар тыаллаах уонна тымныы күн-дьыл турарын туһунан Саха сиринээҕи гидрометеокиин иһитиннэрэр. …