Эспиэр сэтинньи 1 күнүттэн биэнсийэ үрдүүрүн туһунан санатта
Сэтинньи 1 күнүттэн Эргиэн-бырамыысыланнай балаататын хаапыдыратын доцена, эспиэр Людмила Иванова-Швец этэринэн, сорох аҕам саастаахтарга биэнсийэ индексацияланар.
Ол курдук алтынньыга 80 сааһын туолбут аҕам саастаахтар биэнсийэ төлөбүрэ эбиллэр. Ону тэҥэ бастакы группалаах инбэлииттэргэ страховой биэнсийэ биир чааһын оннугар иккини ылыахтара. Быйыл аҕам саастаахтарга ыйдааҕы страховой биэнсийэ төлөбүрэ 8134,88 солк. тэҥнэһэр. Онон 80 сааһын туолбуттарга ыйга 16269,76 солк. төлөнүөҕэ.
Ону кытта урут Социальнай пуондаҕа хайа эрэ биричиинэнэн биэнсийэни хос аахтарыыга сайабылыанньа суруйбуттар эбии төлөбүр ылыахтарын сөп.
Итини таһынан эспиэр этэринэн, сэтинньи 1 күнүттэн, быйылгы сылга бүтэһик үрдэтиигэ гражданскай авиация уонна чох бырамыысыланнаһын үлэһиттэрин биэнсийэлэригэр эбии төлөбүр кээмэйин хос ааҕыахтара. Эбии төлөбүрү анааһын федеральнай сокуоннарынан оҥоһуллар. «Хас биирдии биэнсийэлээххэ эбии төлөбүр кээмэйэ араас, манна үлэ ыстааһа, хамнас кээмэйэ дьайар», — диэн экэнэмиис быһаарар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: