Саха сиригэр баһаары умулларааччылар биир суукка иһигэр 2 469 гаа иэннээх 10 ойуур баһаарын тохтоттулар. Бу туһунан СӨ экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар миниистири солбуйааччы Андрей Коноплев брифиҥҥэ иһитиннэрдэ.
Ол курдук, баһаардар Алдан, Амма, Үөһээ Халыма, Дьааҥы, Мэҥэ Хаҥалас, Нам, Өймөкөөн, Өлүөхүмэ уонна Орто Халыма улуустарын сиригэр-уотугар тохтотулуннулар.
Андрей Коноплев этиҥтэн баһаардар Саха сирин Арктикатыгар, ол иһигэр Халыма-Индигиир бөлөх улуустарыгар саҕаламмыттарын туһунан иһитиннэрдэ. Салгынынан уонна космостан мониторинг түмүктэринэн, барыта 28 саҥа баһаар баара бэлиэтэннэ. Бу баһаардар нэһилиэнньэлээх пуунтан ыраах сирдэргэ турдулар.
Суукка саҕаланыытыгар өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар 189,2 тыһыынча гаа иэннээх 109 ойуур баһаара баар: 13-түү – Орто уонна Усуйаана, 11-дии – Үөһэ Халыма, Нерюнгри, Томпо улуустарыгар. Уонтан аҕыйах көрдүгэн Абый, Алдан, Өлүөхүмэ, Уус Маайа, Муома, Дьааҥы, Кэбээчи, Эбээн Бытантай улуустарыгар баара билиннэ.
Баһаары умулларарга барыта 769 киһи, 30 сирдээҕи уонна салгын тиэхиньикэтэ үлэлииллэр.
Арассыыйа Юстицияҕа министиэристибэтэ суут үлэтигэр сыһыаннаах саҥа бырайыагы бэлэмнээтэ диэн Ил Түмэн иһитиннэрэр. Мировой суукка…
Быйыл күһүн Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Маттаҕа аҕам саастаах уонна доруобуйаларынан хааччахтаах дьон дьиэлэрэ үлэҕэ киириэхтээх.…
ИДьМ 2-с нүөмэрдээх полиция салаатын дознавателэ куорат биир оскуолатыгар тахсыбыт быһылаанынан РФ Холуобунай Кодексын 163-с…
Ил Дархан Айсен Николаев 2024 сыл түмүгүнэн “Водоканал” АУо үпкэ-хаһаайыстыбаҕа үлэтин түмүгүн көрөр мунньахха, Дьокуускай…
Көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ бэриллэр бит-билгэ арааһа баар. Үгүс дьон онно олуһун итэҕэйэр, оттон сорохтор наадыйбаттар, улахаҥҥа уурбаттар.…
АЛРОСА Саха сирин бырабыыталыстыбатын уонна Хотугу сир аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын ассоциациятын кытары хардарыта бииргэ…