Евдокия Евсикова: «Дьокуускай уопута аһаҕас былаас биир кэлим систиэмэтэ көдьүүстээҕин этэр»

Евдокия Евсикова: «Дьокуускай уопута аһаҕас былаас биир кэлим систиэмэтэ көдьүүстээҕин этэр»

09.11.2024, 09:30
Хаартыска СИА сайтытан ылылынна
Бөлөххө киир:

Бу туһунан СИА-ҕа Дьокуускай куорат Дууматын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Евдокия Евсикова тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.

«Дьокуускай куорат Дуумата үлэлээбитэ 200-н тахса сыл буолла. Бу сыллар улахан аҥардарыгар бэрэстэбиитэллээх уорган дьокутааттара ким куораты салайыаҕын быһаараллара. Холобур, сэбиэскэй кэм сылларыгар Дьокуускай куорат ситэриилээх кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин кандидатуратын куорат сэбиэтин дьокутааттара бигэргэтэллэрэ», — диэтэ Евдокия Евсикова.

Евдокия Евсикова Арассыыйа атын эрэгийиэннэрин административнай кииннэрин куорат дьаһалтатын баһылыгын куонкурус ньыматынан талар холобурдарын ырытан көрдөххө, бүтүннүү муниципалитет сайдыытыгар туһалаах эрэ диэн санаа киирэр диэтэ.

«Маннык талар үгэс 20-чэ сыл устата 80-тан тахса субъекка баар.  Бэйэҕит толкуйдаан көрүҥ – маннык быыбар ньымата көдьүүһэ суох эбитэ буоллар, быһаччы быыбар систиэмэтигэр төннөргө этиилэр баар буолуохтар этэ. Оннук буолбатах дуо? Арассыыйа атын эрэгийиэннэрин уопутун туһанан көрүөххэ ээ», — диэтэ кини.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
3
Бары сонуннар
Салгыы
13 ноября
  • -21°C
  • Ощущается: -28°Влажность: 84% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: