“Саха сирэ” хаһыат (sakha-sire.ru) хорсун-хоодуот буойуттарбытыгар анаан, дойдуга бэриниилээх буолууга иитэр соруктаах хоһоон куонкуруһун биллэрбитэ.
Саха саллаата
Кыайыыны-хотууну эрэнэн
Иннигэр туох буолуон билбэккэ
Кыракый алаастан, сэриигэ аттаммыта
Дьоҥҥун харыстаар диэн
Соҕотох балтын сыллаан ылбыта
Сүүрбэлээх саха саллаата.
Дойдутуттан кый ыраах тэйбитэ,
Ааспыта ыарахан сэриини,
Билбитэ уот айдаан ортотун
Ханна да барарын билбэккэ
Турбута санааҕа ылларан
Сүүрбэлээх саха саллаата.
Ол, онтон ытыалаан бараллар
Буулдьа сыыһа-халты ааһар,
Санаабыт санаата ыһыллар
Бомба көтүппүт буоругар
Хаалбыта дууһата, билбэт сиригэр
Сүүрбэлээх Саха саллаата.
Буойуннар кэриэстээн ааһаллар
Биллибэт саллаат иннигэр,
Кэм кэрдии ааспытын кэннэ
Дойдутун буоруттан аҕалан
Кырдьаҕас ийэтэ
Уурбута оргууйдук уҥуоҕар,
Албан аат иҥэрбитэ
Сүүрбэлээх саллаат уолугар.
Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…
“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…
LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…
Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…
Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга саамай…
Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…