Евдокия Иванова — Майа кырачааннарын олоҥхоҕо уһуйар ураты ньымалаах уһуйааччы

Share

Быйылгы Оҕо саас сыла түмүктэнээри турдаҕына, уһуйааннар иитээччилэригэр үгүс махтал тыллара бастыҥа ананна.

Кинилэртэн биирдэстэринэн өрөспүүбүлүкэ үөрэҕин туйгуна, РФ уопсай үөрэхтээһинин туйгуна, СӨ Аҕа баһылыгын гранын хаһаайката, СӨ үөрэҕин тиһигин бочуоттаах бэтэрээнэ, “Педагог-маастар” үрүҥ көмүс бэлиэ хаһаайката, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Майатааҕы А.Е. Зыкова аатынан оҕо сайдыытын киинин — “Мичил”  уһуйаан логопед-учуутала Евдокия Иванова буолар.

Үүнэр 2025 сылга Евдокия Петровна иитээччинэн үлэлээбитэ үбүлүөйдээх 50 сылын бэлиэтиэҕэ. Евдокия Петровна сүрүн логопед-учуутал үлэтин таһынан, кырачааннарга төрөөбүт норуотун үгэһигэр, ускуустубатыгар, норуотун уус-уран тылыгар-өһүгэр интэриэһи уһугуннаран үлэлиир айымньылаах уһуйааччы.  Евдокия Иванова  “Олоҥхо эйгэтэ” бырайыагын чэрчитинэн иитиллээччилэрэ олоҥхону эрэ толорботтор, истэ олорон тугу оҥорон көрөллөрүн уруһуйдууллар, араас оҥоһуктары оҥороллор.  Бу үлэ түмүгэ — сыл аайы ыытыллар “Кырачаан олоҥхоһут”, “Чобуо чооруостар”,  “Кырачаан тыйаатыра” улуустааҕы куонкурустар, “Олонхо дойдутун оҕотобун”, “Маралаайы оһуордара”, “Туос мааскы”, “Бастакы хардыы”, «Зов земли Олонхо», “Бриллиантовые нотки», «Полярная звезда» өрөспүүбүлүкэтээҕи, Арассыыйатааҕы уонна норуоттар икки ардыларынааҕы «Созвучие сердец», «Алтын Майдан” куонкурустар кыайыылаахтара, лауреаттара уонна дипломаннара.  Ол да иһин киниэхэ саха героическай эпоһын – олоҥхону үүнэр көлүөнэҕэ иҥэрэн үйэтитиигэ айымньылаах үлэтин иһин анал наҕараада туттарыллыбыта.

Бүгүн Оҕо саас сылын түмүктээри туран, Евдокия Иванованы кытта кини таптыыр эйгэтин – оҕону олоҥхоҕо уһуйуу туһунан кэпсэтэбит.

— Евдокия Петровна, эн олоҥхону кыра оҕолорго үөрэтиини хайдах саҕалаабыккыный?

— 1995-1996 сылларга Гаврил Колесов тойугуттан саҕалаан, олоҥхолуурун пластинкаҕа, диискэҕэ истибитим. Оччолорго саха сахатын тыына уһуктар кэмэ этэ. Национальнай кээнсиэпсийэни олоххо киллэрии үгэннээн турар кэмэ.  “Оҕону иитиигэ көмөлөһөр методика бу баар эбит” диэн санаа үөскээбитэ. 5-6 саастаах оҕолору үөрэтэрбэр бастаан көнөтүк олорорго үөрэтэбин. Көнөтүк тутуннаҕына тыына кэҥиир. Олоҥхону кэпсиир киһи суруллубатах быраабылата – ньилбэгин тардынан олоруу. Ону хайаан да оҕоҕо тутуһуннарабын. Айаҕын күүскэ атытан дорҕоонноохтук саҥардабын. Онтон тарбахтарын эрчийэбин. Тугу да саҥаны айбаппын – саха остуоруйатыгар олоҕуран үөрэтэбин. Холобура, “Биэс ынахтаах Бэйэбэрикээн  ынахтарын ньирэйдэрин булаттаа” диэн оонньуу айбытым. Кырачааннарбар гречкэ уонна рис кутуллубут мээчигин туттарабын. Оҕолор ити куруппалар тыастарынан ньирэйдэри чуо булан ылаллар.  Мэник оҕолорго оҕуруолары өҥнөрүнэн араартарабын. Ол кэмҥэ мэниктии сылдьыбыт оҕо уоскуйан, үөрэҕэр бэлэм  буолар. Оҕону олоҥхоҕо үөрэтиигэ анал ньыма суох.  Мин остуоруйа нөҥүө үөрэтэбин. Хас  биирдии остуоруйа бэйэтэ күлүүстээх. Холобура, “Холорук” остуоруйаны ааҕан баран, сыыйа оонньууга киирэбит. “Ким холорук курдук күүстээхтик үрэрий?” диэн сорудахха киирэн, тыыннарын эрчийэллэр. Аны дьэ олоҥхо оруолларын талабыт. Оҕо барыта Үрүҥ Уолан Бухатыыр уонна Туйаарыма Куо буолуохтарын баҕараллар. Дьиҥэр, мин көрө олорон испэр бэйэм сүрүн оруолларга ким оонньуохтааҕын “бу оҕону ылбыт киһи…” диэн ымсыыра көрөбүн. Кастинг ыытабын. Соһуйуом  иннигэр, оҕолорум мин санаабын таба таайаллар. Оҕо — дьиҥнээх суудьуйа. Кини эн хомойоргор дуу, үөрэргэр дуу наадыйбат. Бэйэтэ анаалыстаан көрөн, “бу кини үчүгэйдик эттэ, бухатыыр буоллун” дииллэр. Онон ким да бу оруолу былдьаспат буолар.

“Мнемотиэхиньикэ” диэн наһаа үчүгэй ньыма баар. Ону туттабын. Аны уруһуй нөҥүө үөрэтэбин. Оҕо уруһуйдуу олорон олоҥхону түргэнник ылынар. Холобура, ”охтон баранар мастаах, ойон иһэр күннээх” этиигэ сууллан эрэр маһы,  күнү уруһуйдууллар.  Итинник үөрэтэр чэпчэки. Суруга суох хартыына, толкуй бэйэтэ тахсан кэлэр. Оҕо олоҥхону  ый устата үөрэттэҕинэ, өйө-санаата сайдар.

— Араас куонкурустарга кыттан, кыайар аҕай эбиккит дии.

— Олоҥхоҕо куруһуок ыытарбар бастаан оҕо интэриэһин тардаары Абааһы кыыһыттан саҕалыыбын. Ону үтүктэн, оҕо саҥаран, хамнанан-имнэнэн бардаҕына, өссө арыллар. Оҕо бастыҥ буолуон баҕарар. Абааһы Бухатыырын таҥаһа мөлтөх диэн эмиэ араарар. Ол иһин таҥаһын киэргэтэбит, быстар куһаҕан таҥастаах оҥорбоппут. Куонкурустарга кытта киирэрбитигэр бары доҕоонноохтук “Олоҥхоһут тулуурдаах, дьулуурдаах, өйдөөх!” диэн баран дьүүллүүр сүбэ иннигэр тахсабыт. Ол иһин өрүү кыттар буоламмыт, “майалар быйыл бэлэмнэрэ эмиэ күүстээх” дииллэр.

“Олоҥхо дойдутун оҕотобун” куонкуруска өрөспүүбүлүкэҕэ 13 төгүл бастаатыбыт. Маныаха кыайыыны ситиһэргэ эмиэ туспа ирдэбиллэрдээхпин. Куонкуруска элбэх оҕо кыттар буолан, уочараттаһыы кэмигэр оҕо сылайар. Киирии-тахсыы, ыһыллыы-тоҕуллуу буолан, элбэх киһиэхэ аар буолан хаалан, саамай эппиэттээх кэмҥэ олох нэһиилэ олорон саҥарар буолааччылар. Мин чааспын орочуоттаан, олох аҕыйах киһи хаалбытын кэннэ, уочараппытыгар чуо тиийэбит. Аны олоҥхолуу киириэхтэрин иннинэ сүүрүүк аттар курдук, оҕолорбун аһаппаппын.  Тот киһи хантан сайа саҥарыаҕай? Биир олох гран-прины ылыахтаах оҕону  эбээтэ дэлби аһатан кэбиһэн, эппиэттээх кэмҥэ кэлэн, ол оҕо кыайан олоҥхолооботоҕун, аҕылыы олорбутун көрөн аһыммытым. Кыттан тахсан баран, оҕолорбутун дьэ тото-хана аһатабыт. Уонна биир солбуллубат ньымам – уһуйааммыт олоппосторун илдьэ сылдьабыт. Оҕолор бэйэлэрэ бэлэмнэммит олох мастарыгар олорон олоҥхолууллар. Сорох олоппос кыра эбэтэр улахан буолар. Ардыгар  кыайан тирэммэккэ, атаҕа ыйанан олорор. Ол иһин оҕоҥ ыһыллан хаалар. Бу өрүтү эмиэ учуоттуубун.

Дьэ, ити курдук кырачаан иитиллээччилэригэр бэриниилээх киһи – Евдокия Петровна. Ол да иһин оҕолоро өрүү араас куонкурустартан кыайыы көтөллөөх кэлэр буоллахтара.

«Миигин үгүс ситиһиилэрбэр, айымньылаах үлэбэр бастакы сэбиэдиссэйим А.П. Иванова, бииргэ үлэлээбит истиҥ дьонум А.м. Кысалгинова, М.К. Сорова, А.П. Кулачикова кынаттаабыттара. Кинилэргэ махталым улахан», — диэн бэлиэтиир олоҥхоҕо уһуйааччы.

Оҕо саас сыла түмүктэнээри  турдаҕына, эһиил 2025 сылга уһуйааҥҥа иитээччинэн үлэлээбитэ 50 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиэхтээх уһулуччу талааннах уһуйааччыны Евдокия Иванованы ис сүрэхтэн Саҥа дьылынан эҕэрдэлиибит. “Өрүү бүгүҥҥүҥ курдук эрчимнээхтик саҥаны-сонуну айа-тута сырыт, баҕа санааҥ барыта туоллун!” диэн итиии-истиҥ эҕэрдэбитин, алгысптын тиэрдэбит!

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Спорт

Ил Дархан Айсен Николаев Василий Егоровы кытта көрүстэ

Ил Дархан Айсен Николаев Арассыыйаҕа успуорт үтүөлээх маастарын Василий Егоровы кытта көрүстэ. 2024 сыл спортсмеҥҥа…

5 минут ago
  • Сонуннар
  • Спорт

ГТО кыһыл көмүс бэлиэтин ылааччылар ахсааннара элбээн иһэр

 2024 сылга өрөспүүбүлүкэҕэ ГТО кыһыл көмүс бэлиэтин икки тыһыынчаттан тахса киһи, үрүҥ көмүһү -- 330,…

41 минута ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Тускул: «Кириһиэнньэҕэ Дьокуускайга -18 кыраадыс тымныы буолуоҕа»

Быйылгы 2025 сыл -- Иэйиэхсит сыла. Ол аата саха киһитин арчылыыр, араҥаччылыыр сыл. Саҥа сылга…

1 час ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: тохсунньу, олунньу ыйдарга тугу олордобут?

Оҕуруоту, сибэккини олордууга сүбэлэр Сүрүннээн тохсунньуттан үүнээйини олордуу саҕаланар. Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет ойуур комплексыгар…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Кэнники сылларга успуорт 50 улахан эбийиэгэ тутулунна

2018 сылтан Саха сиригэр успуордунан дьарыктанарга, улахан күрэхтэһиилэри ыытарга анаан 50 эбийиэк тутуллубут. Бу туһунан СӨ…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Тохсунньу күнүн-дьылын билгэтэ

Тохсунньуга сааһы уонна сайыны билгэлииллэр. Тымныы буоллаҕына, сөрүүн буолар. Сылаас буоллаҕына, сайын куйаас буолар. Тохсунньу ыйы…

3 часа ago