Салгыы
Еврейскай АУо биир дойдулаахтарбытыгар көмө тиийдэ

Еврейскай АУо биир дойдулаахтарбытыгар көмө тиийдэ

Ааптар:
15.10.2022, 10:36
Бөлөххө киир:

Уһук Илиҥҥэ Саха сирин бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэтэ быстах хомуурга ыҥырыллыбыт биир дойдулаахтарбытыгар гуманитарнай көмөнү оҥорууга бары күүһүн уурар.

Бүгүн Еврейскай автономнай уобаласка баар байыаннай чааска Саха сириттэн барбыт байыаннай сулууспалаахтарга баһыылкалары тириэртилэр.

«Бүгүн гуманитарнай көмөнү биир дойдулаахтарбытыгар туттартаатыбыт. Бу баһыылкалары «Якутия с тобой!» ыстаап   хомуйан ыыппыта», —  диэн бастайааннай бэрэстэбиитэл  Ким Борисов иһитиннэрдэ.

Ким Борисов кэпсээбитинэн, Саха сириттэн мобилизацияламмыт дьон аһынан-үөлүнэн, үчүгэй усулуобуйанан хааччыллан олороллор.

Санатан эттэххэ, «Якутия с тобой» ыстаап Дьокуускай куоракка Орджоникидзе, 10 дьиэтигэр үлэлиир.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 октября
  • 2°C
  • Ощущается: 2°Влажность: 93% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: