Уһук Илиҥҥэ Саха сирин бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэтэ быстах хомуурга ыҥырыллыбыт биир дойдулаахтарбытыгар гуманитарнай көмөнү оҥорууга бары күүһүн уурар.
Бүгүн Еврейскай автономнай уобаласка баар байыаннай чааска Саха сириттэн барбыт байыаннай сулууспалаахтарга баһыылкалары тириэртилэр.
«Бүгүн гуманитарнай көмөнү биир дойдулаахтарбытыгар туттартаатыбыт. Бу баһыылкалары «Якутия с тобой!» ыстаап хомуйан ыыппыта», — диэн бастайааннай бэрэстэбиитэл Ким Борисов иһитиннэрдэ.
Ким Борисов кэпсээбитинэн, Саха сириттэн мобилизацияламмыт дьон аһынан-үөлүнэн, үчүгэй усулуобуйанан хааччыллан олороллор.
Санатан эттэххэ, «Якутия с тобой» ыстаап Дьокуускай куоракка Орджоникидзе, 10 дьиэтигэр үлэлиир.
Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан, киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…
Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…
Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…
Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…
Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…
2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…