Салгыы
Федерация Сэбиэтигэр «Субъект чааһыгар» Айсен Николаев кытынна

Федерация Сэбиэтигэр «Субъект чааһыгар» Айсен Николаев кытынна

14.12.2022, 19:17
Бөлөххө киир:

Бүгүн Федерация Сэбиэтин  535-с пленарнай мунньаҕа буола турар. Пленарнай мунньахха «Арассыыйа Федерациятын субъегын чааһыгар» Ил Дархан Айсен Николаев дакылааттаата.

Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ экэнэмиичэскэй туругун тула иһитиннэрии оҥордо. Ол курдук өрөспүүбүлүкэ Уһук Илин эрэгийиэнигэр баалабай эрэгийиэннээҕи бородуукта кээмэйинэн инники күөҥҥэ сылдьарын бэлиэтээн эттэ. 2021 сыллааҕы туругунан 1 трлн 622 млрд солк. тэҥнэспит. 2019 сыллааҕар 9,7 % улааппыт.

«Төрдүс сылын таас чоҕу, ньиэби, гааһы, кыһыл көмүһү хостооһуҥҥа улахан көрдөрүүлэрдээхпит.  Ааһан эрэр сыл уон биир ыйдааҕы туругунан, бырамыысыланнас үүнүүтэ  112,2% тэҥнэһэр. Бу дойду үрдүнэн биир бастыҥ көрдөрүүлэртэн биирдэстэринэн буолар», – диэтэ  Айсен Николаев.

2018 сылтан экэниэмикэҕэ 1,5 трлн солк. инвестциялааһын оҥоһуллубут.  Бу Уһук Илин эрэгийиэнигэр эмиэ муҥутуур улахан көрдөрүү буолар.

Туһалаах баайы-дуолу хостооһуҥҥа Саха сирэ Уһук Илиҥҥэ бастакы, оттон Арассыыйаҕа бэһис миэстэҕэ сылдьар. Саха сирин арҕаа өттүгэр «АЛРОСА»  хампаанньа  «Мир Глубокий» рудник тутуутун саҕалаата. Оттон Арктикаҕа Күчүс хайа бырамыысыланнаһын кластера тэриллэр. Манна сыллата  10 тонна кыһыл көмүһү уонна 5 тыһыынча тонна хорҕолдьуну хостооһун былааннанар.

«Түгэнинэн туһанан, өссө төгүл Валентина Ивановнаҕа Дьокуускай куоракка Онкологическай киин тутуутун үбүлээһинин боппуруостарын  быһаарыытыгар махтанабын. Кэлэр сылга эһигини саҥа киин аһыллыытыгар көрүөхпүт диэн эрэнэбит!», – диэн Валентина Матвиенкоҕа туһаайан  Айсен Сергеевич эттэ.

Санатан эттэххэ, бу иннинэ  Ил Дархан Айсен Николаев, Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев Федерация Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Валентина Матвиенконы уонна сенатордар Александр Акимовы, Егор Борисовы  кытары көрсүбүттэрэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -41°Влажность: 68% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: