Федеральнай суолга киһи эчэйиилээх суол саахала таҕыста
06.04.2024, 11:30
Хаартыска: https://t.me/ogibddsuntar
Бөлөххө киир:
Муус устар 5 күнүгэр 4 ч. 50 мүн. Ис дьыала министиэристибэтин Сунтаар оройуонунааҕы дьуһуурунай чааһыгар «Бүлүү» федеральнай суол 919 км суол быһылаана тахсыбытын туһунан суһал иһитиннэрии киирбит.
Саахал тахсыбыт сиригэр тута суһал мэдиссиинискэй көмө, силиэстийэлиир-суһал бөлөх уонна ГИБДД үлэһиттэрэ тиийбиттэр. Ол курдук. бэрэбиэркэ түмүгэр биллибитэ, «Бүлүү» федеральнай суол 919 км+211 м учаастагар «Toyota Hiace» суоппара Дьокуускайтан Сунтаарга айаннаан иһэн, суолга алдьанан турбут бырысыаптаах тиэхиньикэҕэ баран түспүт.
Суол саахалын түмүгэр «Toyota Hiace» массыынаҕа олорсон испит 1995 сыллаах төрүөх киһи улахан эчэйиини ылан Сунтаардааҕы киин балыыһаҕа киллэриллибит.
+1
+1
1
+1
+1
+1
13
+1
2
+1
1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: