«Фтизиатрия» НПК үлэһиттэрэ биир идэлээхтэринэн киэн тутталлар

Share

Алтынньы 28 күнүгэр «Амма» айан суолугар дьону таһар икки дьоҕус оптуобус суол улахан быһылаанын таһаарбыта.

Хомойуох иһин, бу алдьархайга хас да киһи, ол иһигэр 4 оҕо, эмсэҕэлээбитэ.

Дьолго, бу кэмҥэ “Фтизиатрия” научнай-практическай киинин анестезиолог-реаниматолога Семен Евграфов бэйэтин массыынатынан айаннаан испитэ. Семен Юрьевич “суһал көмө” массыыната кэлиэр  диэри  эмсэҕэлээбит дьоҥҥо миэстэтигэр мэдиссиинискэй көмөнү оҥорбута. Ол кэнниттэн бэйэтин массыынатынан оҕолору барыларын Амма оройуоннааҕы киин балыыһатыгар тириэрдибитэ.  Манна кэлэн биир идэлээхтэригэр көмөлөспүтэ уонна салгыы айаннаабыта. Амма быраастара ыксыы сылдьан кини аатын, ханна үлэлиирин да ыйыталаспакка хаалбыттара.

Ол эрээри, сэтинньи 10 күнүгэр, Дьокуускайга  “Фтизиатрия” дьиэтигэр Амма оройуоннааҕы киин балыыһатын кылаабынай бырааһа Михаил Архипов кэлэн Семен Юрьевичка быһылааҥҥа эмсэҕэлээбит дьон  уонна Амма балыыһатын кэлэктиибин ааттарыттан махтал тылларын тиэрдибитэ.

Онтон Семен Евграфов  үрүҥ халааттаах аанньал ытык иэһин ыксаллаах быһыыга-майгыга чиэстээхтик толорбутун туһунан  биир идэлээхтэрэ Михаил Архиповтан эрэ истэн соһуйбуттара. Кэлэктиип үлэһиттэрэ  олус сэмэй, атын дьон кыһалҕатын бэйэтигэр ылынар үрдүк таһымнаах анестезиолог-реаниматологы кытары биир кэлэктиипкэ үлэлии сылдьалларынан  киэн тутталлар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Биисинэс-Экспоттан» саҕалаабыт Вера Лиханова дойду таһымыгар үлэлиирдии үүннэ

"Биисинэс-Экспо" урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буоллаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла…

8 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

204 саастаах алтан чуораан

Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар. "2020…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дмитрий Садовников Горнай улууһугар тутулла турар эбийиэктэри көрдө

Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…

9 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Итэҕэй-итэҕэйимэ: Дьылҕаҕа сыыппара суолтата

Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр,…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айтишниктарга үчүгэй сонун

РФ бырабыыталыстыбата резервнэй пуондаттан чэпчэтиилээх IT-ипотекаҕа 23,5 млрд солк. көрдө. Туһааннаах дьаһалга премьер-миниистир Михаил Мишустин…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Аныгы технологиялар тыа хаһаайыстыбатын хайдах уларыталларый?”

Бу күннэргэ СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ министиэристибэтин сыллааҕы үлэтин түмүктүүр тэрээһиннэр ыытылыннылар. “Үбүлээһин саҥа…

10 часов ago