Судаарыстыбаннай Дуума дьокутаата, бүддьүөт уонна нолуок кэмитиэтин чилиэнэ Галина Данчикова Кыайыы күнүнэн Саха сирин олохтоохторун, Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээннэрин, тыыл бэтэрээннэрин эҕэрдэлээтэ.
— Бу күн, оруобуна 78 сыл анараа өттүгэр, биһиги аҕаларбыт, эһээлэрбит, хос эһээлэрбит историческай кыайыыны ситиспиттэрэ. Кинилэр сэбиэскэй судаарыстыбаны уонна Европа дойдуларын фашизмтан уонна милитаризмтан босхолообуттара. Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ 20 мөлүйүөн киһи тыыннарын толук ууран туран кыргыспыттара. Саҥа көлүөнэ дьон сэрии алдьархайын билбэт буоланнар, устуоруйаны төрдүттэн уларыта сатаатылар. Биһиги бэйэбит сокуоннарбытынан олорорго бырааппытын көмүскүөхтээхпит. Барыгытын аан дойдуга эйэни аҕалбыт улуу бырааһынньыгынан эҕэрдэлиибин. Күндү биир дойдулаахтарым эһиэхэ кытаанах доруобуйаны, дьолу, этэҥҥэ буолууну баҕарабын, — диэн Галина Данчикова эҕэрдэ тылыгар эттэ.
Бүлүү улууһун Бастакы Тоҕус нэһилиэгэр, Тыымпы сэлиэнньэтигэр "Манчаары оонньууларын" кыттыылаахтарын уруйдуу-айхаллыы көрсүбүттэр. Бу туһунан социальнай…
Саха сирин хотугулуу-илин уонна илин өттүгэр ардахтар хото түһэннэр, уу таһыма үрдээбитэ бэлиэтэнэр, ол иһигэр…
Кэнники хонукка Кэбээйи уонна Өлүөхүмэ улуустарын сиригэр-уотугар уопсайа 3,8 гектардаах сири хаппыт икки ойуур баһаарын…
Бырагыраама уопсастыбаннай сэбиэтин чилиэнэ, "Сахатранснефтегаз" АУо генеральнай дириэктэрэ Алексей Колодезников "Саха сирэ -- дьоруойдар дойдулара"…
АЛРОСА Экологияҕа киинэ “Живые алмазы Якутии” паарканы тупсаран оҥорон эрэгийиэннээҕи бырайыактар граннарын куонкуруһа саҕаламмытын иһитиннэрэр.…
Саха сиригэр пилота суох, тепловизордаах 35 аппараат көмөтүнэн ойууру кэтээн көрүүнү күүһүрдэллэр. Саха сиригэр ойууру кэтээн көрөргө…