Салгыы
Гараас эбэтэр “Натааһа”?

Гараас эбэтэр “Натааһа”?

29.10.2023, 12:00
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

Күн ахсын таһырдьа тымныйан иһэр. Онон билигин элбэх суоппар массыынатын тоҥорор эбэтэр кыстыкка бэлэмниир. Саха сирин хабараан тымныыларыгар массыынаны тутар элбэх үлэттэн турар. Ол курдук, көлүөһэ уларытыыта, мотуору бэрэбиэркэлээһин, эбии түннүктэри олордооһун уо. д.а. Биллэн туран, саамай сүрүн боппуруос — массыынаны кыһын ханна туруорабын?

“Натааһа”

Кэлиҥҥи сылларга суоппардар портативнай гараастары туттар буоллулар. Эһиги эмиэ көрбүт буолуохтааххыт уулуссаҕа сиэрэй эбэтэр хаки дьүһүннээх халыҥ бириһиэнинэн бүрүллүбүт массыыналары. Бу бириһиэн норуокка “Натааһа” дэнэр аан бастаан Бурятияҕа айыллыбыт гараас. Сүрүнэ — маннык бириһиэн гарааһы тиэйэ сылдьан, ханна баҕарар массыынаҕын туруоруоххун сөп. Итиэннэ “Натааһа” халыҥ, хас да араҥа таҥастан тигиллибит буолан, сылааһы өр тутар, онон массыына бытааннык сойор.

Саха сирин олохтоохторо маннык гарааһы кэнники кэмҥэ ордорор буоллулар. Онон ырыынакка “Натааһа” арааһа атыыланар. Сыана массыына кээмэйиттэн тутулуктаах. Ол курдук, кыра массыыналарга 7,5–10 тыһыынча солкуобайга атыылаһыахха сөп, орто кээмэйдээхтэргэ — 10–12 тыһыынча солкуобайга. Оттон улахан массыыналарга 12 тыһыынчаттан саҕалаан 20 тыһыынчаҕа диэри булуохха сөп. Чэпчэки сыанаҕа эрдэ туттулла сылдьыбыт «гарааһы» дьонтон атыылаһыахха сөп. Интэриниэккэ баар биллэрии-
лэри көрдөххө, 3–4 тыһыынча солкуобайтан саҕалаан атыылыыллар.

Ону таһынан, Дьокуускайга сорох дьон “Натааһа” гараастары арыандаҕа биэрэллэр. Биир ыйа — 1–2 тыһ. солкуобай курдук. Сууккаҕа ылар буоллаххына, сыана 500 солкуобайтан саҕаланар.

Маннык портативнай гараас итэҕэһин туһунан этэр буоллахха, бастатан, түөкүн дьон “Натааһаны” уоран ылар түгэннэрэ элбэх. Ол иһин суоппардар бириэһиннэригэр улахан гына кыраасканан бэйэлэрин нүөмэрдэрин суруйаллар. Оччоҕуна уордахтарына даҕаны, булар кыахтааххын.

Дьокуускай куорат олохтооҕо Николай Петров маннык гарааска көспүтэ номнуо үс сыл буолбут. Кини этэринэн, “Натааһа” көннөрү гараастааҕар быдан барыстаах, ону тэҥэ табыгастаах.

“Бэйэм гарааһым суох буолан, кыһын ахсын массыынабын туруорар сири булар олус эрэйдээх буолааччы. Өр кэмҥэ аймахтарбар хаалларар этим эбэтэр арыандаҕа куорат таһыгар гараас ылааччыбын. Ыйга төлөбүрэ 18 тыһыынча солкуобай этэ. Билигин “Натааһа” ылан абыранным. 10 тыһыынча солкуобайга атыыласпытым уонна иккитэ эрэ уларыта сылдьыбытым. Сылааһы үчүгэйдик тутар, кэтэрдэргэ-хомуйарга уустуга суох уонна, саамай үчүгэйэ диэн, кыһын тиэргэҥҥэр массыынаҕын хаалларыаххын сөп, онон хаһан баҕарар, ханна баҕарар айанныыр кыах баар буолбута”, — диэн Николай бэлиэтиир.

Сылаас гараас

Портативнай гараас биһиги тымныыларбытыгар табыгастаах, ол да буоллар, көннөрү гарааһы ордорооччу элбэх. Сылаас гарааска массыынаҥ мотуора эрэйэ суох собуоттанар, таһырдьа тымныыга түспүт хаары ыраастаан, массыына итийэрин кэтэһэн олорбоккун. Итиэннэ массыынаҕын дьон тыытыа, уоруо диэн куттаммакка туруораҕын. Халлаан туругуттан тутулуга суох өрөмүөннэниэххин, араас малы-салы хаалларыаххын сөп.

Итэҕэстэртэн — үгүс киһи гарааһа дьиэлэриттэн ыраах сиргэ турар. Онон массыынаҕа диэри өр хаамыахха эбэтэр айанныахха наада.

Билигин гараас сыаната төһөнүй?

Дьокуускайга сыана ханнык оройуоҥҥа турарыттан тутулуктаах. Куорат киинигэр таас гарааска сыана, ортотунан, 1,5 мөлүйүөнтэн саҕалаан 5 мөлүйүөн солкуобайга тиийэр. Куорат таһыгар сыана эмиэ 1 мөлүйүөнтэн саҕаланар. Чэпчэки соҕус сыанаҕа — 500 тыһыынча солкуобай курдукка урукку таас эбэтэр мас гараастары атыылаһыахха сөп.
Арыандаҕа ылар буоллаххына, билигин сыана куорат кытыытыгар 15–20 тыһыынча солкуобайга тэҥнэһэр, оттон киин уулуссаларга, ортотунан, 20–25 тыһыынча солкуобай курдук. Сууккаҕа гараас арыандата 1 тыһыынча солкуобайтан саҕаланар.

“Дьон билигин портативнай гарааһы ордорор. Ол гынан баран, маннык гараас итэҕэһэ элбэх. Сорох бириһиэн хаачыстыбата мөлтөх, сылааһы туппат. Итиэннэ күүстээх тыал түстэҕинэ, аллараа өттүнэн аһыллан хаалан, массыынаҕын тоҥорон кэбиһэр. Дьон тааһы, араас маһы ууран бириһиэннэрин баттатан баран хомуйбат түгэнэ эмиэ элбэх. Бу атын суоппардарга мэһэйи үөскэтэр. Онон кыах баар буоллаҕына, гараас атыылаһар ордук дии саныыбын. Массыынаҥ куруук сылааска турар, тымныыттан алдьанар түгэнэ аҕыйах уонна дьон уорар куттала суох”,  — диэн суоппар Иван Семенов санаатын үллэһиннэ.

Түмүккэ

Ити курдук, “Натааһа” уонна көннөрү сылаас гараас ордуктаахтар да, итэҕэстээхтэр даҕаны. Онон хас биирдии киһи бэйэтэ быһаарар ханнык гарааһы
таларын. Сүрүнэ диэн, массыына кыһын алдьаммакка, этэҥҥэ туоруура.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: