Салгыы
«Гастротур» ыытааччыта саха астарын амсайда

«Гастротур» ыытааччыта саха астарын амсайда

30.08.2023, 19:00
Хаартыска: gtur.friday.ru
Бөлөххө киир:

Соторутааҕыта «Пятница!» ханаалга көстүбүт «Гастротур» биэрии бүтүннүү Саха сирин норуоттарын астарыгар-үөллэригэр ананна. Ыытааччы Дмитрий Левицкэй Дьокуускайга кэлэн, элбэх сиргэ сырытта, элбэх аһы амсайда. Дьэ, туохтан сөхпүт, соһуйбут эбитий?

Хаартыска: gtur.friday.ru

Аан бастаан ууска баран, саха быһаҕын оҥортордо. Бэйэтэ тимири уһанан көрдө. Саха быһаҕын уратытын биллэ. Салгыы шеф-повар Николай Атласовка баран, бу быһаҕынан тоҥ балыгы кыһан көрдө, «Индигирка» салааты амсайда. Балыгы кыһарга тириитин быһахха эрийэн, сүлэн ылары олус сөхтө, хайҕаата. Балык амтанын кылгастык «это круто!» диэн сыана быста.

Салгыы собону амсайар туһуттан күөлгэ балыктыы барда. «Озеро кишит карасями» диэн бэлиэтээтэ. Балыксыт Василий Винокуров илиминэн собо бөҕөтүн туттарда. Бу быһаҕы оҥорорго да, собону буһарарга да уоту аһатан, буруолатан, алгыс сиэрин-туомун оҥордулар. Бу ыытааччыга, этэргэ дылы, «экзотика» курдук көһүннэр да, барытын толорон истэ.

Собо амтаныгар «куруук баар буолар ньамах амтана, сыта суох» диэн бэлиэтээтэ. Итини саха собото кыһын утуйан хааларынан, ньамаҕынан аһаабатынан быһаарда. Чахчы, киин эрэгийиэннэр соболоро ньамаҕынан аһыыр буолан, амтаннара атын буолар эбит. Ону тэҥэ, собо сыалааҕын, иҥэмтиэлээҕин бэлиэтээтэ, «насыщенный, природный вкус» диэн эттэ. Собо миинигэр оҕуруот аһын куппатахтарыттан соһуйда.

Бу кэнниттэн урбаанньыт, блогер Афанасий эһэ баппаҕайын буһаран амсатта. Баппаҕай 5-6 чаас устата буһар эбит. Түүтүн эрэ кыһыйан баран, тириитэ хаалыахтаах, оччотугар сыата ууллан хаалбат эбит.

Маны тэҥэ, таба муоһун амсатта. Тириитин сүлэн баран, сиикэйдии, сибиэһэйдии сиэниллиэхтээх. Бу сэдэх бүлүүдэлэри интэриэһиргээн амсайда эрээри, соччо биһирээбэтэ быһыылаах, туһалааҕын, илиҥҥи норуоттар олус наадыйалларын бэлиэтээтэ.

Хаартыска: gtur.friday.ru

Онтон уулуссаҕа атыыланар аһы — сахалыы «стритфуду» амсайда. Гречка бурдугунан оҥоһуллубут саламааты, отонноох быыппаҕы амсайда. Олохтоох бородууксуйаны туһаналларын, саҥа суоллары көрдүүллэрин хайҕаата. «Аны дьиҥнээх саламаат амтанын амсайыахтаахпын» диэн буолла.

Валентина Атласова суораты иҥииринэн аһытыы оҥорон, үөрэ оттоон амсатта. Сиикэй иҥииртэн сиргэннэ быһыылаах эрээри, суорат амтанын сөбүлээтэ.

Семен Тарбахов сахалыы саламааты, моонньоҕон барыанньалаах күөрчэҕи сиэттэ. Левицкэй саламааты Бурятияҕа эмиэ амсайбыт эбит, ол эрээри саха саламаата ураты амтаннааҕын, минньигэһин, сымнаҕаһын сөбүлээтэ. Былыр сахалар унньуула силиһин, бэс сутукатын хатаран, бурдук оҥостон сииллэрин, хааһылыылларын сөҕө иһиттэ.

«Саха Чэй» хампаанньа салайааччыта Ньургуйаана Заморщиковалыын кучу чэйи хомуйдулар. Угун алдьаппакка, сэбирдэҕин үөһэттэн аллараа сотон түһэрэри хайҕаата. «Ньургун Боотур» чэй зверобой, боҕуруоскай оттордоох, моонньоҕон сэбирдэхтээх буолан, эр киһи доруобуйатыгар туһалааҕын кэпсээтилэр.

Хомуйбут чэйин иһэригэр туой иһити оҥордо. Туойтан чааскы оҥорорун олус сөбүлээтэ. «Молочение» диэн технологиянан туой иһити саахардаах үүккэ уган буһаралларын дьиктиргээтэ. Бу чааскытынан хомуйбут чэйин астына истэ.

Маны тэҥэ, «Кындыкаан» бырайыагын чэрчитинэн үлэлиир таба ыстаадатыгар бара сырытта. Манна Хабаровскайтан кэлбит табалар сылдьаллар.

Түмүгэр «Аврора» эрэстэрээн хаһаайката Ньургустаана Лукина гастрономическай «Оскар» — «Пальмовая ветвь ресторанного бизнеса» куонкуруска кыайбыт бүлүүдэлэри оҥорон амсатта. Манна эмиэ олохтоох бородууксуйаны туһанан оҥорбуттар. Убаһа этин чараас, хачыгырас тиэстэҕэ суулаан, кэмпиэт курдук быһыылаан, ураты туманы оҥорон биэрдилэр. Өссө тугут этин, кыһыл балыктан салааты амсаттылар.

Ыытааччы, ресторатор Дмитрий Левицкэй: «Саха сирэ аһынан-үөлүнэн сөхтөрдө. Бу ураты бүлүүдэлэри амсайар туһуттан Саха сиригэр булгуччу кэлиэххэ наада эбит. Бу биһиги 37-с биэриибит буолар, ол тухары элбэх ураты бүлүүдэлэри амсайдаҕым дии. Миигин сөхтөрөр уустук. Ол да буоллар, Саха сирэ сөхтөрдө. Сороҕор кутталлаах, сороҕор дьиибэ соҕус этэ, бары бүлүүдэлэр «супер-минньигэс» буолбатахтар этэ эрээри, барыта олус интэриэһинэй этэ. Икки эрэ күн устубут буоламмыт, элбэх сиргэ кыайан сылдьыбатыбыт«, — диэн түмүк оҥордо.

Санатар буоллахха, «Гастротур» биэриигэ Калининградтан саҕалаан Камчаткаҕа тиийэ Арассыыйа эрэгийиэннэрин кэрийэн, астарын-үөллэрин амсайаллар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: