Геннадий Васильев: “Бу курдук туох баар күүһү, кыаҕы кыайыы туһугар туһулуу туруоҕуҥ!
Арассыыйа-Украина сыһыаннарыгар уонна анал байыаннай эпэрээссийэҕэ биир дойдулаахтарбыт, биллэр-көстөр уопсастыбанньыктарбыт санааларын үллэстэллэр, дойдубут туһугар биир санаанан түмсүөҕүҥ дииллэр.
Геннадий Васильев, “Баһылай Манчаары аатынан Успуорт национальнай көрүҥнэрин өрөспүүбүлүкэтээҕи киинин” дириэктэрэ, Ил Тумэн дьокутаата, СӨ мас-рестлинигэр Федерациятын бэрэсидьиэнэ:
— Билигин буола турар уустук быһыы-майгы Украина бэйэтин салайынар, хонтуруолланар кыаҕыттан тахсыбытын итиэннэ бу дойдуну арҕаа судаарыстыбалар, АХШ сүрүннүү олорууларын түмүгэр таҕыста. Украинаны соруйан тастан киксэрэн, ускайдаан, Арассыыйаны утары туруораннар, бэйэлэрин тиэхиньикэлэрин, сэриилэрин сэбин тургутан көрөр сир оҥоһуннулар.
Маннык быһыыга-майгыга биһиги дойдубут салалтата ылыммыт быһаарыныыта сөптөөх. Саха дьоно-сэргэтэ мантан туора турбатыбыт, уолаттарбыт, эр дьоммут быстах хомуур ыҥырыытынан сулууспаҕа бардылар.
Ил Түмэн, Ил Дархан, бырабыыталыстыба өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн сөптөөх үлэни-хамнаһы ыыта олороллор. Улуустарга, хас биирдии нэһилиэктэргэ мобилизацияламмыт дьоммутугар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр көдьүүстээх көмөлөр оҥоһулла тураллар. Ити курдук сир-сир аайы түмсүүлэр, ийэлэр түмсүүлэрэ тэриллэн үлэлээннэр, туох кыһалҕа үөскүүр да, ол тутатына быһаарыллан иһэр кыахтанна. Биһиги, уус-алданнар, уолаттарбыт онно тиийэннэр инники кирбиигэ сылдьаллар. Улууска кэнсиэртэри ыытан, онтон киирбит үбү-харчыны анал пуондаҕа түмэн, ыҥырыынан барбыттарга тута ыытан иһэллэр.
Бу улахан иирсээннээх быһыы-майгы аҕыйах кэминэн бүппэт чинчилээх. Онон манна барытыгар бэлэм буолуохтаахпыт. Уйан-хатан биллэр кэмнэрэ тирээн кэлбитинэн дьон түмсэр, патриотическай өйө-санаата уһуктар, төрөөбүт дойдуну көмүскүүргэ дьулуурдара икки төгүл күүһүрэр. Ол илэ-чахчы көстөр. Бу курдук туох баар күүһү, кыаҕы кыайыы туһугар туһулуу туруоҕуҥ!
Хаартыска — СИА
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: