Геннадий Васильев: “Бу курдук туох баар күүһү, кыаҕы кыайыы туһугар туһулуу туруоҕуҥ!

Share

Арассыыйа-Украина сыһыаннарыгар уонна анал байыаннай эпэрээссийэҕэ биир дойдулаахтарбыт, биллэр-көстөр уопсастыбанньыктарбыт санааларын үллэстэллэр, дойдубут туһугар биир санаанан түмсүөҕүҥ дииллэр. 

Геннадий Васильев, “Баһылай Манчаары аатынан Успуорт национальнай көрүҥнэрин өрөспүүбүлүкэтээҕи киинин” дириэктэрэ, Ил Тумэн дьокутаата, СӨ мас-рестлинигэр Федерациятын  бэрэсидьиэнэ:

— Билигин буола турар уустук быһыы-майгы Украина бэйэтин салайынар, хонтуруолланар кыаҕыттан тахсыбытын итиэннэ бу дойдуну арҕаа судаарыстыбалар, АХШ сүрүннүү олорууларын түмүгэр таҕыста. Украинаны соруйан тастан киксэрэн, ускайдаан, Арассыыйаны утары туруораннар, бэйэлэрин тиэхиньикэлэрин, сэриилэрин сэбин тургутан көрөр сир оҥоһуннулар.
Маннык быһыыга-майгыга биһиги дойдубут салалтата ылыммыт быһаарыныыта сөптөөх. Саха дьоно-сэргэтэ мантан туора турбатыбыт, уолаттарбыт, эр дьоммут быстах хомуур ыҥырыытынан сулууспаҕа бардылар.
Ил Түмэн, Ил Дархан, бырабыыталыстыба өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн сөптөөх үлэни-хамнаһы ыыта олороллор. Улуустарга, хас биирдии нэһилиэктэргэ мобилизацияламмыт дьоммутугар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр көдьүүстээх көмөлөр оҥоһулла тураллар.  Ити курдук сир-сир аайы түмсүүлэр, ийэлэр түмсүүлэрэ тэриллэн үлэлээннэр, туох кыһалҕа үөскүүр да, ол тутатына быһаарыллан иһэр кыахтанна.  Биһиги, уус-алданнар, уолаттарбыт онно тиийэннэр инники кирбиигэ сылдьаллар. Улууска кэнсиэртэри ыытан,  онтон киирбит үбү-харчыны анал пуондаҕа түмэн, ыҥырыынан барбыттарга тута ыытан иһэллэр.
Бу улахан иирсээннээх быһыы-майгы аҕыйах кэминэн бүппэт чинчилээх. Онон манна барытыгар бэлэм буолуохтаахпыт. Уйан-хатан биллэр кэмнэрэ тирээн кэлбитинэн дьон түмсэр, патриотическай өйө-санаата уһуктар, төрөөбүт дойдуну көмүскүүргэ дьулуурдара икки төгүл күүһүрэр. Ол илэ-чахчы көстөр. Бу курдук туох баар күүһү, кыаҕы кыайыы туһугар туһулуу туруоҕуҥ!

Хаартыска — СИА

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Сонуннар

Хаҥаласка 1964 с.т. эр киһини өлөрдүлэр

Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр түөрт буруйу оҥоруу тахсыбытын туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. Хаҥалас улууһугар "Улуу…

17 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Айсен Сергеевич Николаев РФ Конституциятын күнүнэн эҕэрдэлиир

Күндү Саха сирин олохтоохторо! Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан Россия Федерациятын Конституциятын күнүнэн…

24 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн — Арассыыйа Конституциятын күнэ

Ахсынньы 12 күнэ – Арассыыйа Федерациятын Конституциятын ылыныллыбыт күнэ. 1993 сыллаахха ахсынньы 12 күнүгэр Арассыыйа…

55 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Үөһээ Халымаҕа бокуонньук суоппар гарааһын халаабыттар

Үөһээ Халыма улууһугар полиция үлэһиттэрэ бокуонньук суоппар гарааһын халааһыҥҥа уорбаланар киһини быһаардылар. Бу туһунан «МВД…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн сорох улуустарга -52 кыраадыс буолара күүтүллэр

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар -52 кыраадыс буолара күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр.…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сыымахха Васильевтар үлэлэригэр атынан сылдьаллар

Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан,  киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…

12 часов ago