Георгий Степанов: “Байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр 89 тыһ. тахса өйөбүл оҥоһуллубут”
Саха сиригэр анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр аадырыстаах көмө үлэтэ салҕанар. Бу үлэ өрөспүүбүлүкэ баһылыгын ураты болҕомтотугар сылдьар.
СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов ахсынньы 25 күнүнээҕи брифиҥҥэ иһитиннэрбитинэн, өрөспүүбүлүкэҕэ байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэригэр 89 тыһ. тахса көмө оҥоһуллубут.
“Итинтэн 55 тыһ. тахса төлөбүр, чэпчэтии уонна араас социальнай-олох-дьаһах өҥөтүн быһыытынан муниципальнай таһымҥа оҥоһулунна. 71 тыһ. тахса эбэтэр көмө уопсай ахсааныттан 80% байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэрин чилиэнигэр оҥоһуллубут, ол иһигэр оҕолорго – 11 549”, — диэн Георгий Степанов бэлиэтээтэ.
Бу үлэ иитинэн анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылааҕын 78 дьиэ кэргэнигэр олорор дьиэлэрин гаастааһыҥҥа харчынан көмө, байыаннай сулууспалаах 197 төрөппүтэ санаторнай-курортнай эмтэниигэ көмө ылбыт, 212 дьиэ кэргэн чилиэнэ – байыаннай сулууспалаах эмтэнэр сиригэр барарга харчынан көмө. Мэдиссинэ көмөтө 1196 байыаннай сулууспалаахха уонна 1928 кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэнигэр оҥоһуллубут. Доруобуйа харыстабылын уонна социальнай хааччыйыы тэрилтэлэригэр анал байыаннай эпэрээссийэ 406 кыттыылааҕа уонна 743 байыаннай сулууспалаах дьиэ кэргэнин чилиэнэ доруобуйатын чөлүгэр түһэриини ааспыт.
Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: