Георгий Степанов: «Байыастарга, дьиэ кэргэттэригэр көмө салҕанар»
Саха сиригэр байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһөр үлэ салҕанар. Бу туһунан бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов брифинг кэмигэр иһитиннэрдэ.
— Бүгүҥҥү күҥҥэ байыастар дьиэ кэргэттэрин 237 чилиэнэ эмтэнэ барарга материальнай көмөнү ылла. 258 байыас төрөппүтэ сонотуоруйга-куруорка эмтэннэ. 93 дьиэ кэргэн гааска холбоноругар көмө оҥоһулунна, — диэн Георгий Степанов кэпсээтэ.
Байыаннай дьайыы 559 кыттыылааҕа уонна 924 дьиэ кэргэннэрин чилиэнэ доруобуйа харыстабылын уонна социальнай хааччыйыы тэрилтэлэригэр реабилитацияны аастылар. 169 киһи дьиэтигэр олорон социальнай хааччыйыы өҥөтүнэн туһанна.
Дьарыктаах буолуу кииннэригэр 292 киһи үлэ көрдөөн кэлэ сырытта (ол иһигэр 100 байыас уонна 192 дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрэ). Кинилэртэн 95 киһини үөрэттэрэ ыыттылар, 170 киһи үлэ булла.
Георгий Степанов эппитинэн, РФ бырабыыталыстыбатын уурааҕынан, бойобуой дьайыы бэтэрээннэрэ, анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара, байыаннай дьайыыга сылдьан өлбүт байыастар дьиэ кэргэттэрэ үлэҕэ киирэллэрэ судаарыстыбаннай өйөбүл чэрчитинэн ыытыллар.
Онон маннык дьону үлэҕэ ылбыт тэрилтэлэргэ, урбаанньыттарга, сайабылыанньа суруйдахтарына, хамнаска төлөнөр үп сороҕун судаарыстыба төннөрөр. Субсидияны Социальнай пуонда төлүүр.
Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: