Георгий Степанов: «Байыастарга, дьиэ кэргэттэригэр көмө салҕанар»

Share

Саха сиригэр байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһөр үлэ салҕанар. Бу туһунан бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов брифинг кэмигэр иһитиннэрдэ.

— Бүгүҥҥү күҥҥэ байыастар дьиэ кэргэттэрин 237 чилиэнэ эмтэнэ барарга материальнай көмөнү ылла. 258 байыас  төрөппүтэ сонотуоруйга-куруорка эмтэннэ. 93 дьиэ кэргэн гааска холбоноругар көмө оҥоһулунна, — диэн Георгий Степанов кэпсээтэ.

Байыаннай дьайыы 559 кыттыылааҕа уонна 924 дьиэ кэргэннэрин чилиэнэ доруобуйа харыстабылын уонна социальнай хааччыйыы тэрилтэлэригэр реабилитацияны аастылар. 169 киһи дьиэтигэр олорон социальнай хааччыйыы өҥөтүнэн туһанна.

Дьарыктаах буолуу кииннэригэр 292 киһи үлэ көрдөөн кэлэ сырытта (ол иһигэр 100 байыас уонна 192 дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрэ). Кинилэртэн 95 киһини үөрэттэрэ ыыттылар, 170 киһи үлэ булла.

Георгий Степанов эппитинэн, РФ бырабыыталыстыбатын уурааҕынан, бойобуой дьайыы бэтэрээннэрэ, анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара, байыаннай дьайыыга сылдьан өлбүт байыастар дьиэ кэргэттэрэ үлэҕэ киирэллэрэ судаарыстыбаннай өйөбүл чэрчитинэн ыытыллар.

Онон маннык дьону үлэҕэ ылбыт тэрилтэлэргэ, урбаанньыттарга, сайабылыанньа суруйдахтарына, хамнаска төлөнөр үп сороҕун судаарыстыба төннөрөр.  Субсидияны Социальнай пуонда төлүүр.

Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар

Айар бырайыак сүрүн бирииһэ — Петровтар дьиэ кэргэҥҥэ

Саҥа сылга үктэнээт, киин куоракка култуура кииннэригэр, тыйаатырдарыгар араас ис хоһоонноох дьон сынньалаҥар туһуламмыт тэрээһиннэр…

23 минуты ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Вячеслав Соркомов: «Дьоруой туһунан этэр өссө да эрдэ»

Тохсунньу 5 күнүгэр социальнай ситимнэринэн Кириэмилгэ Арассыыйа Дьоруойа аатынан Муома улууһуттан Сааһыыр олохтооҕун наҕараадалыахтара диэн…

53 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Айсен Николаев Эдьигээҥҥэ аварийнай-чөлүгэр түһэрэр үлэлэргэ кэккэ соруктары туруорда

Эдьигээн оройуонугар аварийнай-чөлүгэр түһэрэр үлэни ыытыыга Ил Дархан Айсен Николаев ахсынньы 5 күнүгэр киэһэ ыксаллаах…

2 часа ago
  • Гороскоп
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Тохсунньу 6 күнүнээҕи гороскоп

Бүгүн эрэл, таптал уонна үөрүү күнэ. Чугас дьоҥҥутун кытта бииргэ буолуҥ, үтүө санааҕытын кытта үллэстиҥ.…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Тохсунньу 6-7 күннэригэр Дьокуускайга Ороһуоспатааҕы Таҥара сулууспата ыытыллар

Бүгүн Дьокуускай куоракка Преображенскай таҥара дьиэтигэр православнай итэҕэллээхтэр мустуохтара. Бу сарсыарда 10:00 чааска Ороһуоспа иннинээҕи …

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Бүгүн — Амма Аччыгыйа төрөөбүтэ 119 сыла

Бүгүн, тохсунньу 6 күнүгэр, норуот суруйааччыта, СӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ, П.А.Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата…

3 часа ago