Гепатиты утары охсуһуу: С гепатиттан сэрэнэргэ биэс сүбэ

Share

Дьокуускай куоракка Өрөспүүбүлү­кэтээҕи килинии­чэскэй балыыһа баазатыгар баар Гепато­логия киинэ 2021 сылтан үлэтин саҕалаабыта. Киин күнүскү стацио­нарыгар ааһан-араҕан биэрбэт (хроническай) С уонна Дельта вируснай гепатиттаах ыарыһахтарга вируһу утары терапия оҥоһуллар. Манна 2021 сылтан ыла С уонна Д гепатит­таах 900-тэн тахса киһи эмтэннэ.

– Вируһу утары терапияны ыларга аан бастаан поликлиникаттан анаалыс түмүктэрдээх быыпысканы аҕалыахха уонна күүтүү лииһигэр суруйтарыахха наада. Вирус актыыбынаһыгар ПЦР анаалыс, ис көҥдөйүн уорганнарыгар УЗИ уонна ФГДС түмүктэрэ баар буолуохтаахтар. Вируһу утары терапия ПЦР «положительнай» түмүгэр ананар, онтон быар эластометрията быар фиброһун истиэпэнин быһаарарга наадалаах, – диэн балыыһа бырааһа Анна Дьяконова кэпсиир.

Билигин С гепатиты эмтээһин схемалара күүскэ сайдаллар, 1990-с сыллар саҥаларыгар, 2000-с сылларга С гепатит эмтэниллибэтинэн ааҕыллар буоллаҕына, билигин эмтэниллэр гепатикка киирсэр.

«Биһиги Арассыыйа схематынан уонна аан дойдуга барытыгар туһаныллар омук препараттарынан эмтиибит. Иһэргэ табыгастаах табылыаккалары ыарыһах күҥҥэ биирдэ-иккитэ иһэр (быраас хайдах аныырыттан, холобур, 2-3 ый устата). Препараттар атын содуллара суоҕун кэриэтэлэр. Ыарыһах эмтэнэн баран, 3 ыйынан ПЦР хонтуруолунай анаалыһын туттарар уонна вирус актыыбынаһыгар ПЦР «отрицательнай» буол­бута ыарыһах үтүөрбүтүн туоһулуур.

Дельта гепатиты эмтээһин туһунан этэр буоллахха, билигин аан дойдуга дельта гепатикка дьайар биир эрэ препарат баар. Ол «Булевиртид» («Мирклудекс») препараты күн аайы инъекция быһыытынан ылыллар, биир эбэтэр онтон өр сыл эмтэниэххэ сөп. Терапия анаалыстары хонтуруоллааһыны кытары дьүөрэлии оҥоһуллар. Ол эбэтэр ыарыһах ый аайы биһиэ­хэ кэлэн анаалыс туттарыахтаах. С уонна Дельта гепатит вируһун утары терапиянан биһиги сытар балыыһабыт эрэ буол­бакка, Дьокуускай куорат атын да мэдиссииниҕэ тэрилтэлэрэ уонна улуустааҕы балыыһалар дьарыктаналлар», – диэн Анна Иннокентьевна кэпсиир.

Киин исписэлиистэригэр Стадухин уулуссатын 81, 5 куор­пуһугар кэлэн көрдөрүнүөххэ эбэтэр олорор сиргинэн инфекцио­нист-быраас ыытыан сөп.

С гепатиттан сэрэнэргэ биэс сүбэ

Быар ыарыыта  кутталлаах, туох да улахан сибикитэ суох циррозка, араакка тириэрдиэн сөп. Киһи быар курдук туһа­лаах уоргана суох олорор кыаҕа суох. Онон, С гепатиттан харыстаныы – дьоһун суолталаах.

С гепатикка сыстыбат туһугар атын киһи тус гигиенатыгар туһанар сириэстибэлэрин туттума. Тиис суунар суоккаҕа, бытык хорунарга уо.д.а. хаан кыырпаҕа хаалыан сөп. Ол инфекция төрүөтүнэн буолар.

  1. Бэйэ-бэйэни үчүгэйдик билсибэккэ сылдьар эр киһи уонна дьахтар түүҥҥү олохторугар презервативы туһаныахтаахтар.
  2. Испириис туһаныллар мэдиссиинэ процедураларыгар эбэтэр хаан туттарарга мэдиссиинэ үлэһитэ биирдэ эрэ туһаныллар үнүстүрүмүөнү туттарын кэтээн көрүллүөхтээх. Ол тутуһуллубат буоллаҕына, укуолтан эбэтэр анаалыс туттарартан аккаастанар ордук.
  3. Кэрэ буолуу солуоннарын эбэтэр тату-устуудьуйалары таларга болҕомтолоохтук сыһыаннас. Тату-устуудьуйалар уруһуйу иҥнэнэн түһэрэллэр. Кэрэ буолуу солуоннарыгар инъекциялары, маникюры оҥороллор. Бу иннинэ сылдьыбыт киһи хаанын вируһа тэһэ анньыыга, бааска, тирии кыратык да хайа барыытыгар киириэн сөп. Онон гигиена уонна санитария нуормалара кытаанахтык тутуһуллар эрэ солуоннарын талан сырыт.
  4. Инфекцияҕа сыһынным быһыылаах диэн саарбаҕалыы санаатаххына, антитела анаалыстарын туттар. С тииптээх гепатит саҥа саҕаланар кэмигэр чэпчэкитик эмтэниллэр.
What’s your Reaction?
+1
6
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1
+1
3

Recent Posts

  • Сонуннар

Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьатыгар оскуола-саад үлэҕэ киирдэ

Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьа сэлиэнньэтигэр оскуола-саад үлэҕэ киирдэ. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай эбийиэк аһылынна.…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ БКЭ туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын Госдуумаҕа киллэрдилэр

Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ Биир кэлим эксээмэни туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын дьокутааттар бөлөхтөрө…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Амма улууһун Михайловкатыгар Норуот айымньытын дьиэтэ аһылынна

Амма улууһун Михайловка сэлиэнньэтигэр Норуот айымньытын дьиэтэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай…

6 часов ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

29 саастаах кыыс маркетплейс табаардарын уорбут

Ленскэй оройуонунааҕы ИДьМ дьуһуурунай чааһыгар маркетплейс бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Инвентаризация кэмигэр табаары биэрэр пуунтан 300…

6 часов ago
  • Интэриэһинэй

СҮБЭҺИТ: Тохсунньу, олунньу ыйдарга тугу олордобут?

Оҕуруоту, сибэккини олордууга сүбэлэр Сүрүннээн тохсунньуттан үүнээйини олордуу саҕаланар. Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет ойуур комплексыгар…

6 часов ago
  • Бэрээдэк

68 саастаах дьахтар балыыһаҕа сылдьан таҥас уоран тахсыбыт

Дьокуускайдааҕы ИДьМ салаатыгар дьахтар балыыһаҕа сылдьан тас таҥаһын уордарбытын туһунан иһитиннэрбит. Бу туһунан СӨ ИДьМ…

7 часов ago