Горнайга аҕам саастаахтар олохторун сэргэхситэргэ былааннаах үлэ ыытыллар
Горнай улууһугар Бэрдьигэстээххэ «50 + оскуолата» уопсастыбаннай түмсүү күһүҥҥү-кыһыҥҥы кэмнэргэ аҕам саастаах дьон олоҕун-дьаһаҕын хайдах сэргэхситэргэ былааннаах үлэни ыытар.
Оскуола үлэтин бэһис сылын бу үлэҕэ үөрүйэхтээх бибилэтиэкэр Эмма Петрова таһаарыылаахтык салайар. Ол курдук, ырыаҕа, өйү-санааны бигэ туруктуурга, доруобуйаны көрүнүүгэ, о.д.а. араас туһалаах тиэмэҕэ анаан куруһуоктары, көрсүһүүлэри, маастар-кылаастары, анал лиэксийэлэри былааннаан бэрт сэргэхтик тэрийэллэр.
Олортон, холобур, «Правовое поле пенсионера” кулууп сэргэх үлэлээҕинэн биллэр. Манна аҕам саастаах дьон социальнай өйөбүлүнэн туһаныыларын күүһүрдэр тустаах сокуоннары билиһиннэрэллэр. Сэрии, тыыл уонна үлэ бэтэрээннэригэр көрүллэр социальнай мэктиэлэр, чэпчэтиилэр тустарынан исписэлиистэр бэсиэдэлэри оҥороллор. Уочараттаах тэрээһиҥҥэ улуус баһылыгын бастакы солбуйааччы Алгыс Стручков кулууп чилиэннэрин кыһалҕалаах боппуруостарыгар толору хоруйу биэрэн, саастаах дьон болҕомтотун тарта. «Олбуор иһиттэн сибээс кабелларын таска таһаарыыга сурукта киллэриҥ. Үлэлэһиэхпит», — диэбитин сэргии иһиттилэр. Оттон уот эргэ остуолбаларын көтүрүүгэ Бэрдьигэстээх РЭС тэрилтэтэ былааннаах үлэни ыытарын истэн аҕам саастаахтар астыннылар. Гаастааһыҥҥа хаһыллыбыт траншеялары сөптөөхтүк көмөн дьон, сүөһү, тырааныспар куттала суох сылдьарыгар бэдэрээччиттэри кытары тиһиктээхтик үлэлэһэллэрин кэпсээтэ. Маны сэргэ, хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагырааматын сырдатыыны сэргээн иһиттилэр.
Маннык көрсүһүүлэр биһиги бэтэрээннэрбит уонна бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор аҕам саастаах дьоммут кэлэр кэскиллэрэ туруктаах буолуутун хааччыйарга көдьүүстээх буоларын көрдөрдө. Саҥа киирбит кыһалҕалаах боппуруостары быһаарыыга тустаах исписэлиистэри кытта үлэ салҕанар.
Айталина Санникова, бибилэтиэкэр,
Горнай.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: