Горнайга суол саахалыгар икки эмсэҕэлээбиттэр туруктара ыарахан

Share

Горнай улууһугар атырдьах ыйын 10 күнүгэр икки массыына харсыспытын түмүгэр аҕыс киһи эмсэҕэлээбитэ. Билигин балартан икки киһи туруктара ыарахан диэн Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтигэр иһитиннэрдилэр.

Ол курдук, саахал түмүгэр сэттэ киһини суһал көмө сулууспата киин оройуоннааҕы балыыһаҕа киллэрбитэ. Билигин икки киһи туруктара ыарахан  диэн Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтигэр биллэрдилэр.

«Билигин икки киһи ыарахан туруктаах сыталлар. Биир киһини саахал миэстэтиттэн Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №- дээх балыыһаҕа  эвакуациялаабыттара. Үс эмсэҕэлээбиттэргэ киин балыыһаҕа эппэрээссийэ оҥоһуллубута. Биэс эмсэҕэлээбиттэр орто эчэйиини ылбыттара быһаарылынна. Биир киһи балыыһаҕа киирэртэн аккаастанна. Сотору кэминэн Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №- дээх балыыһаҕа икки эмсэҕэлээбит киһини эвакуациялааһын былааннанар. Быраастар туһааннаах көмөнү оҥорорго туох кыаллары барытын оҥороллор», — диэн министиэристибэҕэ чуолкайдаатылар.
Санатан эттэххэ, Горнай хайысхатынан трассаҕа «Тойота- Ипсум» уонна УАЗ «Фермер» массыыналар харсыспыттара. 1997 с.т. дьахтар суоппар «Тойота- Ипсум» массыынанан сапыраапкаттан тахсан иһэн 1998 с.т. суоппардаах УАЗ «Фермер» массыынаны аһардыбатах. Ол түмүгэр харсыһыы тахсыбыт.
What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
2
+1
2

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ытык Күөлгэ саҥа оскуола аһыллыытын өрөгөйдөөх күнэ (видео)

Өрөспүүбүлүкэ салалтата кэнчээри ыччат киэҥ билиилээх-көрүүлээх буола үүнэн-сайдан тахсарыгар сөптөөх усулуобуйаны тэрийиигэ улахан болҕомтотун уурар,…

2 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Айсен Николаев дьоҕус уонна орто биисинэһи тупсарыыга тыл эттэ

Айсен Николаев урбаан координационнай сэбиэтин бу сыллааҕы бүтэһик мунньаҕар дьоҕус уонна орто биисинэс интэриэһин көмүскүүр…

39 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Мэҥэ Хаҥаласка сыл бастыҥнарын чиэстээтилэр

Майа сэлиэнньэтигэр Д.Ф. Ходулов аатынан Култуура киинигэр 2024 сыл түмүгүнэн улуус култуураҕа, спортка уонна социальнай…

58 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Билиэҥҥэ түбэспит уонна сураҕа суох сүппүт дьон оҕолоругар төлөбүр көрүллүөҕэ

Байыаннай сулууспалаахтар атын категориялаах оҕолоругар социальнай өйөбүл эбии миэрэтэ көрүллэр буолла. Туһааннаах ыйаахха дойду Бэрэсидьиэнэ…

1 час ago
  • Сонуннар

Буруйу оҥоруу 10 түбэлтэтэ бэлиэтэннэ

Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ буруйу оҥоруу 10 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар ылылынна. Ол курдук Нерюнгри…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Маймаҕаҕа түөрт кыбартыыралаах дьиэ үлэҕэ киирдэ

Нам улууһун Маймаҕа нэһилиэгэр «Хаарбах уонна саахалланар туруктаах дьиэттэн дьону көһөрүү» бырагырааманан 4 кыбартыыралаах дьиэ…

2 часа ago