Горнайга суруйааччы Александр Тарасов саҥа кинигэтэ сүрэхтэннэ
Бэҕэһээ, алтынньы 9 күнүгэр, Горнай улууһун Өрт сэлиэнньэтигэр Арассыыйа суруйааччыларын, суруналыыстарын союһун чилиэнэ, педагогическай үлэ бэтэрээнэ Александр Адамович Тарасов «Төрүттэрбит олорбут таптыыр — ахтар дойдубут» диэн саҥа кинигэтин сүрэхтэниитэ буолла.
Кинигэҕэ Горнайга холкуостааһын саҕана биир бастыҥ үлэлээҕинэн биллибит Сталин аатынан холкуос оччотооҕу үлэһиттэрин үлэлэрин-хамнастарын, кинилэр ыччаттарын туһунан киэҥник кэпсэнэр. Бу эргин олорбут баайдар, атыыһыттар ахтыллан ааһаллар. Холкуос саамай биллэр кэмигэр бэрэссэдээтэллээбит, норуот суруйааччыта Савва Иванович Тарасов аҕата Иван Яковлевич-Кырдьаҕас Бассабыык «Өҕүллүбэт өһүөлээх Сталиннар буолабыт» диэн этиитэ уос номоҕо буолара. Кинигэ улахан форматтаах, барыта мелованнай кумааҕыга «Офсет» ХЭУо-ҕа бэчээттэммит, элбэх хаартыскалардаах. Ис-тас көстүүтүн, таҥыытын «Үлэ күүһэ» хаһыат эрэдээксийэтэ бэрт кичэллээхтик оҥорбут. Кинигэ сүрэхтэниитэ олус истиҥник, иһирэхтик ааста. Тэрээһини Солоҕон бибилэтиэкэтэ (А.И. Дормидонтова) иилээн-саҕалаан ыытта. Элбэх эҕэрдэ, махтал тыллара этилиннилэр. Солоҕон Чычааһыттан силистээх-мутуктаах ыччаттар кэлэр да өттүгэр өбүгэлэрин сырдык ааттарын үрдүктүк тутуохтара, киэҥник ааттата сылдьыахтара диэн баҕа санаа элбэхтик этилиннэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: