Горнайга «Зарница 2.0» оонньуу ыытыллыаҕа

Share

Муус устар 24-26 күннэригэр Горнай Бэрдьигэстээҕэр «Зарница 2.0» Бүтүн Арассыыйатааҕы байыаннай-патриотическай оонньуу эрэгийиэннээҕи түһүмэҕэ буолуоҕа. Тэрээһин Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүгэр ананар.

«Арассыыйаҕа урут «Зарницаҕа» бары оонньууллар этэ, билигин «Движение Первых» хамсааһын «Зарница 2.0» оонньуу көрүҥүн уларытан таһаарда. Манна технологическай тургутууну, ол иһигэр дрону салайыыга күрэхтэһиилэр буолаллар. «Движение Первых»  хамсааһын патриотическай иитии биир сүрүн хайысхатынан буолар. Түһүмэхтэри ааһан, оҕолор хамаандаҕа уонна уопсай дьыалаҕа күрэстэһии суолтатын билэллэр, саҥа дьоҕурдары баһылыахтара, холобур, бастакы көмөнү хайдах оҥорорго үөрэниэхтэрэ», — диэн СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина кэпсээтэ.

Хаартыска: sakha.gov.ru

Саха сирин үөрэнээччилэрэ араас тургутууларга кыттыахтара. Бэрдьигэстээххэ күрэхтэһии ыытылларыгар бары усулуобуйа тэрилиннэ. Холобур, Бэрдьигэстээххэ зарница олимпийскай резервнэй успуорт оскуолатын универсальнай стрелковай тирыгар ыытыллыаҕа.

Бэс ыйыгар кыайыылаахтар Хабаровскай кыраайга Уһук Илиҥҥи түһүмэҕэр Саха сирин чиэһин көмүскүөхтэрэ.

Санатан эттэххэ, «Движение Первых»  Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин дьаһалынан 2022 сылтан тэриллибитэ. Хамсааһын үлэтэ оҕону бары өттүнэн сайыннарарга, идэҕэ уһуйарга туһуланар. Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, Саха сиригэр оҕолору-ыччаттары тардыы көдьүүһүн сүрүн көрдөрүүтүн 26 %-нан куоһарбыта.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

43 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

1 час ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Сылгы эмиһин хайдах быһаарабытый?

Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Усуйаана улууһугар икки киһи сүппүт

Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…

2 часа ago