Гороскоп: ахсынньы 1-8 күннэрэ

Share

Хой

Саҥа дьыл чугаһыыр. Онон үүнэр сылы хайдах көрсөр туһунан сыта-олоро толкуйдаа. Уһун өрөбүллэргэ муораҕа да барыаххын  син эбит. Хата, үпкүн-харчыгын мус.

Оҕус

Биисинэстээх оҕустарга табыллыылаах нэдиэлэ. Ылсыы-бэрсии сатаныаҕа. Саҥа билсибит киһигин кытта биир тылы була сатаа. Ол да буоллар, кыра күчүмэҕэйдэр көстөллөр.

Игирэлэр

Көһүлүөгүҥ «чарааһаабыт». Онон сыл бүтүөр диэри былааннан. Түбэһиэх харчыны туттуу ороскуот­таах буолуоҕа. Бырааһынньык эрэ дии-дии ыстаҥалаама.

Араак

Ыраахтан үтүө-сурах садьык кэлии­һи. Санаарҕаабыт бэйэҥ улаханнык чэпчиэҕиҥ. Барыта этэҥҥэ буол­су. Түһүнэн кэбис.

Хахай

Доҕор хайдаҕа биллэр күнэ-дьыла үүммүт. Киһиэхэ ис сүрэҕиттэн көмөлөһөр киһи сороҕор аҕыйах буолааччы. Онон бэйэҥ кыаххар эрэн.

Кыыс

Халыҥнык таҥна-симэнэ сырыт. Тумуу тумуннун. Этэҥҥэ сырыттахха, күн-дьыл биллибэккэ ааһар дииллэр. Онон хас чыыһыла буол­бутун билээри халандаарга хараххын хатаа­ма.

Ыйааһын

Сынньалаҥҥын туһалаахтык атаар. Үчүгэй кинигэни булан аахтаххына, дууһалыын сынньаныаҥ. Үчүгэйдик сынньанар киһи үлэни эмиэ кыайар. Ону умнума.

Скорпион

Бу нэдиэлэ эйиэхэ үтүөнү эрэ түстээтин. Санаабытыҥ барыта табылыннын. Күннээҕинэн эрэ олорума. Кэлэр сыллааҕы былааҥҥын торумнаа.

Охчут

Сып-сап, түргэн туттунуулаах киһи үгүһү ситиһэр. Онон кыайа илик дьыалаҕар оройгунан түс. Кыайыы да кэлиэҕэ.

Чубуку

Үп-харчы киириитэ үчүгэй. Бириэмийэ ылыаххын сөп. Биир эмэ кыаммат-түгэммэт киһиэхэ көмөлөс. Киһи махтала туохтааҕар да күүстээх.

Күрүлгэн

Соһуччу ыраахтан аймахтарыҥ кэлииһилэр. Онон сэргэх киэһэлэр ааһыахтара. Ааспыты ахтыһар бэрт бөҕө буоллаҕа.

Балыктар

Оҕолоруҥ ситиһиилэриттэн кынаттаныаҥ. Ол күүскэр күүһү эбиэҕэ. Үлэлиир, айар-тутар баҕа санааланыаҥ. Кытаат!

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

4 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

5 часов ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

6 часов ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

6 часов ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

7 часов ago