Госдуумаҕа вейптэри бобор сокуон барылын киллэрдилэр

Share

Госдуумаҕа никотиновай уонна никотина суох  вейпы — электроннай табаҕы букатын бобор туһунан сокуон барылын киллэрдилэр. Бу сокуон барылын ЛДПР, КПРФ, «Сиэрдээх Арассыыйа — Кырдьык туһугар», «Новые люди»  баартыйалар дьокутааттара киллэрбиттэр диэн ТАСС суруйар.

Бу сокуон барылын көҕүлээччилэртэн биирдэстэрэ, Госдуумаҕа үлэ, социальнай бэлиитикэ, бэтэрээннэр дьыалаларыгар кэмитиэти салайар Ярослав Нилов этэринэн, билигин илии баттааһыны хомуйа сылдьаллар, юридическэй боппуруостарга сүбэлэттэрэллэр.

Дьокутааттар этэллэринэн, вейпы тардар оҕо ахсаана, 2011 сылы кытта тэҥнээтэххэ, 10 төгүл эбиллибит. «Вейп диэн доруобайаҕа куттала суох» диэн дойҕоҕу тарҕатан, байар эрэ туһуттан, оҕолорго эмиэ атыылыыллар. Онон оҕолор буортута суох дии саныыллар, кинилэргэ муода буолла. Дьиҥэ, оҕоҕо атыылыыр бобуулаах эрээри, атыыһыттар ону аахсыбаттар.

Ол эрээри, электроннай сигарета, никотиннаах да, никотина да суох буоллун, киһи доруобуйатыгар уонна тулалыыр дьоҥҥо улахан буортуну аҕалар. Ону тэҥэ, табахха курдук, тутулук үөскүүр.

Никотина суох убаҕастаах вейп эмиэ буортулаах, тоҕо диэтэр, глицерин, пропиленгликол, ароматизатор, о.д.а. химическэй бэссэстибэлэртэн турар. Тыҥаҕа куһаҕаннык дьайар, аҕыйах сылынан, ыарыы үөскүүр.
«Үүнэр көлүөнэ доруобуйатын харыстыыр сыалтан, федеральнай таһымҥа вейптэри атыылыыры толору боборго этии киллэрэбит. Бу федеральнай бүддьүөккэ ороскуоту аҕалыа буолан баран, ыччат, норуот доруобуйатын харыстааһын быдан улахан суолталаах», — диэн дьокутааттар этэллэр.

What’s your Reaction?
+1
6
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айылҕаттан иэйии ылар тыа сирин худуоһунньуга

Айылҕаттан айдарыылаах айар куттаах худуоһунньуктар тыа сиригэр үгүстэр. Биир оннук, нууччалыы эттэххэ, “самородок” худуоһунньугунан Хаҥалас…

2 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Степан Аржаков туһунан дойдубут тэбэр сүрэҕэр…

Быйыл Саха сирин үрдүнэн биллиилээх судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэл Степан Аржаков төрөөбүтэ 125 сылын бэлиэтээтибит.…

45 минут ago
  • Куонкурус
  • Сүрүн
  • Уопсастыба

Юрий Трутнев Москваҕа кэллиэгийэҕэ кытынна

Москваҕа Муора кэллиэгийэтин Арктикаҕа РФ национальнай интэриэстэрин көмүскүүр Сэбиэтин бастакы мунньаҕа буолан ааста. Арктикаҕа РФ…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

Атахпыт анныгар харалла сытар түҥ былыргы олохтон

Ирбэт тоҥ дойдуга олорорбут биир үчүгэйэ, атахпыт анныгар түҥ былыргы олох харалла сытар. Таба тайаннахха,…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Өрөйүҥ-чөрөйүҥ, олоҥхо истэр кэм кэллэ

“Бүгүҥҥү күҥҥэ саамай улахан ситиһиибитинэн олоҥхону толорор ыччаппыт, эр дьоммут элбээбитэ буолар. Кинилэри түүн да…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Абхазияҕа туох буолла?

Абхазияҕа ааспыт нэдиэлэттэн өрө туруу баран, бэрэсидьиэннэрин быыбара болдьоҕун иннинэ ыытыллар буолла. Сэтинньи 15 күнүгэр…

3 часа ago