Госпиталга сытар уолаттарбыт олус долгуйа күүтэллэр

Share

Саха сирин араас улуустарыттан дойду байыаннай госпиталыгар эмтэнэ сытар байыастарбытыгар ас-таҥас көмөтө Дьокуускай куоракка күннэтэ кэлэ турар.

Бүгүн Чурапчы улууһун бааһынай хаһаайыстыбалара уонна Бахсы нэһилиэгин олохтоохторо, байыаннай госпиталга эмтэнэ сытар саллааттарга анаан хомуйбут көмөлөрүн аҕаллылар.

Бу үтүө дьыаланы Анжелика Неустроева салайааччылаах улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын салалтата сүрүннээбит. Чурапчылар биир туонна кэриҥэ эттэн эрийэн фарш уонна гуляш оҥорон, уонтан тахса куул балыгы ыһаарылаан, ону сэргэ кус, арыы, барыанньа, сироп киллэрбиттэр.

«Саллааттары өйөөбүт бааһынай хаһаайыстыбаларга, аһы астыырга көмөлөспүт Чурапчы нэһилиэгин оскуолаларыгар, физическэй култуура институтугар, Чурапчытааҕы кэллиэскэ, олохтоох көҕүлээһини өйүүр ааҕыныстыбаҕа, урбаанньыт Валерий Семеновка саллааттар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин ааттарыттан махталбытын тиэрдэбит», — диир Аҕа дойдуну көмүскээччилэр эрэгийиэннээҕи кэмитиэтин салайааччыта Светлана Диодорова-Лаврентьева.

Дьон бэйэтэ ис сүрэҕиттэн көмөлөһөр, онтон уолаттар олус долгуйаллар уонна үөрэллэр, кинилэр биһигини күүтэллэр, кэтэһэллэр диэн эбэн эттэ кини.

Хаартыска Светлана Диодорова архыыбыттан
What’s your Reaction?
+1
5
+1
1
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Чэгиэн-чэбдик буол

Бэйэбитин көрүнүөҕүҥ, доруобуйабытыгар туһалааҕы оҥостуоҕуҥ. Ытыстары бэйэ-бэйэлэригэр аалан сылытыллар уонна сырдык киирбэтин курдук тарбахтары бэйэ-бэйэлэригэр…

25 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Биисинэс-Экспо» быыстапкаҕа Ньурба урбаанньыта бииргэ үлэлэһэр дьонун булла

Икки күн устата ыытыллыбыт "Биисинэс-Экспо 2024"   Саха сирин урбаанньыттарын, бэйэ дьыалатынан дьарыктанар дьону түмэр, көҕүлүүр…

58 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бороҕоҥҥо сэргэх тэрээһин буолла

Уус Алдан улууһугар бибилэтиэкэ тэриллибитэ 100 сылыгар, РФ Конституциятын күнүнэн С.С. Васильев-Борогонскай аатынан оройуоннааҕы киин…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Улахан муҥкулар байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар көмөлөһөллөр

Өлүөхүмэ улууһун Улахан Муҥку сэлиэнньэтигэр “Биһиги бииргэ” аһымал кэнсиэр буолла. Кэнсиэр Малдьаҕар начаалынай оскуолатын-уһуйаанын кэлэктиибин,…

2 часа ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Космоска Саха сирин уонна Бүлүү куоратын гербэлэрэ ойуулаах аракыата көтүөҕэ

2024 сыл ахсынньы 25 күнүгэр "Союз2.1б" аракыата-носитель "Байконур" космодромуттан Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Бүлүү куоратын гербэлэрэ…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Биэс “тоҕо?”: Сыымах оскуолатын холобура

Оскуола агролабораториятыттан репортаж. Кыһыҥҥы суол аһыллан, илин эҥээр бастакы командировкабыт Мэҥэ Хаҥалас Сыымаҕар туһаайылынна. Эрэдээксийэ…

3 часа ago