Дмитрий Садовников хаарбахтан көһөрүү бырагырааматыгар хаалбыт эбийиэктэри сыл бүтүөр диэри үлэҕэ киллэрэргэ сорудахтаата.
СӨ бастакы вице-премьерэ Дмитрий Садовников саахалланар туруктаах дьиэлэртэн көһөрүү өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагыраама чэрчитинэн ыытыллар кыһалҕалаах эбийиэктэр боппуруостарынан сүбэ мунньаҕы ыытта. Манна өссө 2023 сылга үлэҕэ киллэриллиэхтээх 14 дьиэ туһунан кэпсэтии барар. Ол эрээри, араас биричиинэлэринэн, кэккэ кыһалҕалары киллэрэн туран, 2024 сылга көһөрүллүбүт.
Ол курдук, Нерюнгри улууһугар Чульмаҥҥа элбэх кыбартыыралаах үс дьиэ тутуллар. Итинтэн иккитин быйыл үлэҕэ киллэрэр былааннаахтар. Орто Халыма куоратыгар элбэх кыбартыыралаах икки дьиэни туталлар. Итинитэн биирдэрэ алтынньыга түмүктэниэхтээх, иккиһин ахсынньыгы былаанныыллар.
Уус Алдан улууһугар Бороҕоҥҥо икки дьиэ тутулла турар, олору сыл бүтүөр диэри үлэҕэ киллэрэр соруктаахтар. Маны таһынан, 56 кыбартыыралаах олорор дьиэни уонна 36 кыбартыыралаах дьиэни эмиэ сыл бүтүөр диэри түмүктээн туттарар санаалаахтар.
Уус Алдаҥҥа Кэптэнигэ элбэх кыбартыыралаах дьиэни тутуу салҕанар. Алтынньыга үлэни түмүктээн туттарар былааннаахтар. Хачыкаакка 20 кыбартыыралаах дьиэни сыл бүтүөр диэри үлэҕэ киллэрэр сорук турар. Баатаҕай Алыытыгар 12 кыбартыыралаах дьиэ тутуллар. Маны таһынан элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр Мэҥэ Хаҥаласка, Эдьигээҥҥэ, Ньурбаҕа тутуллаллар.
Сүбэ мунньах түмүгүнэн, өрөспүүбүлүкэ бастакы вице-премьерэ элбэх кыбартыыралаах дьиэлэри кэмигэр үлэҕэ киллэрэргэ сөптөөх дьаһаллары ыларга сорудахтаата.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускай куорат 15-с №-дээх оскуолатыгар миинэ ииппиттэрин туһунан иһитиннэрии киирбит. Бу…
СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дьулустаан Борисов бүгүн Үөһээ Бүлүү уонна Чурапчы улуустарын баһылыктарын, ону…
Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускай аэропордугар Таилантан уонна Филиппиныттан кэлбит боксердары көрүстүлэр. Спортсменнар ахсынньы 14…
Усуйаана улууһун 50 саастаах олохтооҕо билэр киһитин тимир светильнигинэн кырбаан өлөрбүт. Бу туһунан СӨ Борокуратууратын…
Ил Дархан Айсен Николаев “Искусственнай интеллект эйгэтигэр айан” норуоттар икки ардыларынааҕы кэмпириэнсийэҕэ кыттыыны ылла. Суолталаах тэрээһиҥҥэ…
Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускайга "Руслан" тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтин уонна саппаас чаастары атыылыыр маҕаһыын умайда.…