Хаалыктаах хаамааччылар — айылҕа доҕотторо
Мин бу этиини кытары толору сөбүлэһэбин. Педагогика билимин хандьытаата, СӨ успуордун үтүөлээх үлэһитэ Григорий Дьячковскай иитиллээччитэ, биир дойдулаахпыт Матвей Лыткин Кэптэни бөһүөлэгэр скандинавскай ньыманан хаалыктаах хаамыыны билиһиннэриэҕиттэн, үөрэтиэҕиттэн уонтан тахса сыл ааста.
Билигин «Аал уот» бэтэрээннэр бөлөхтөрүн иһинэн үлэлиир түмсүүнү Галина Олесова былааннаахтык үлэлэтэр. Киниэхэ орто саас көлүөнэттэн көмөлөһөөччү Галина Прокопьева сүбэ-тирэх буолар. Галина Олесова куоракка хаалыктаах хаамсыбыт буолан, элбэх эрчиллиилэри толотторор.
Бастакы көҕүлээччилэр Екатерина Говорова, Мотрёна Новгородова, Анна Олесова өрүү хаамар сирдэринэн айылҕаны ыраастыы, арчылыы сылдьар үтүө үгэстэригэр олоҕуран, бу сайын саҕаланыыта Орто сайылыкка ырааһырдар үлэни ыыттыбыт. Бу субуота күн «Ыраас уу» аахсыйаҕа кыттаммыт, Уу Чэҥэйи ыраастаан, Эбэ тула бөҕү-саҕы хомуйан, аар айылҕабытын үөрдүбүт курдук буоллубут. Онон, «Хаалыктаах хаамааччылар айылҕа доҕотторо, эколог буолуохтаахтар» диэн этиигэ сөбүлэһэбит.
Ульяна БУРНАШЕВА, Кэптэниттэн уопсастыбаннай кэрэспэдьиэн
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: