Сэтинньи 19 күнүгэр «Царство вечной мерзлоты» туристическай комплекска — сылы эргиччи 8-10 кыраадыстаах тымныы хаар-муус уораҕайга «Географическай дьыктааны» аан бастаан суруйдулар.
Ол курдук, манна бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина, Бүтүн Арассыыйатааҕы география олимпиадатын араас сыллааҕы 5 лауреата, дьыктааны тэрийээччи Михаил Черосов, уо.д.а. дьыктааны суруйдулар.
Саха сиригэр барыта 36 улууска 531 былаһааккаҕа «Географическай дьыктааны» суруйдулар. Саамай элбэх былаһаакка Дьокуускайга (96), Мииринэй оройуонугар (30) уонна Уус Алдаҥҥа (23) үлэлээтилэр.
Өрөспүүбүлүкэҕэ «Географическай дьыктааны» тэрийээччинэн үөрэх министиэристибэтин иһинэн үлэлиир Үөрэҕириини сайыннарыы уонна квалификацияны үрдэтии института буолар.
Сыллата Саха сиригэр 10 тыһыынчаттан тахса киһи «Географическай дьыктааны» суруйар. Онон Саха сирэ дьыктааны суруйууга куруук биэс саамай маассабай эрэгийиэн иһигэр киирэр. Онтон кыттааччы ахсаанын нэһилиэнньэ ахсааныгар тэҥниир буоллахха, Арассыыйаҕа лиидэр буолар.
Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…
Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо диэн ЯкутияDaily иһитиннэрэр: https://t.me/yakutiadaily/45038