“Хаардаах дойду барса” үрдүк таһымнаахтык ааста (видеолаах)
Соторутааҕыта Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугар «Снежный барс» хорсуннар-ходуоттар улуустааҕы күрэхтэрэ буолла. Барыта 13 хамаанда күөн көрсөргө ох курдук оҥостон, бэлэмнэнэн кэлбит.
Ытык Күөл бастакы нүөмэрдээх оскуолата икки хамаанданы бэлэмнээн кэлбит. Бу оскуола эдэр байыастара Арассыыйа таһымнаах күрэхтэргэ ситиһиилээхтик кыттар идэлээхтэр. Салайааччылара Тарасенко Ирина Юрьевна үөрэнээччилэрин куруук олус ирдэбиллээхтик бэлэмнээн, үрдүккэ көтүтэр учуутал буолар. Тэрээһин аһыллыытыгар параады П.А. Ойуунускай аатынан Чөркөөхтөөҕү орто оскуола “Вече” кулуубун салайааччыта Никифоров Айгылаан Егорович салайан киллэрдэ уонна параад хамандыыра Тааттатааҕы казактар хутордааҕы уопсастыбаларын атаманыгар Иван Федорович Рахлеевка араапардаан туттарда.
Үгэс быһыытынан, Арассыыйа уонна Саха сирин былаахтарын Гиимин тыаһыгар арыаллатан киллэриинэн тэрээһин үөрүүлээх чааһа саҕаланна.
«Снежный барс” тэрээһин Арассыыйаҕа — Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр — Оҕо саас, Тааттаҕа Таптал, Эрэл, Итэҕэл сылларыгар ананан, үүнэр көлүөнэ ыччаты Ийэ дойдуга бэриниилээх, эт-хаан өттүнэн сайдыылаах, сэргэх, тулуурдаах, кыайыгас-хотугас буоларыгар тирэх оҥорон, ыытылынна. Ол туһунан этиилэригэр чопчулаан бэлиэтээн, эҕэрдэлэрин тиэртилэр: улуус баһылыгын солбуйааччы Святослав Васильевич Сунхалыров, улуустааҕы үөрэх салаатын кылаабынай испэсэлииһэ Туяра Юрьевна Егорова, улуустааҕы “Бастыҥнар хамсааһыннарын” салайааччыта Татьяна Алексеевна Тютрина, Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугун дириэктэрэ Анна Васильевна Мосоркина уонна бу күрэххэ үрдүк ситиһиилэри баҕардылар. Күрэхтэһии кылаабынай судьуйата Ирина Юрьевна Тарасенко күрэх хаамыытын билиһиннэрдэ.
“Снежный барс” байыаннай-спортивнай күрэхтэһии барыта сэттэ түһүмэҕинэн ыытылынна. Стройунан хаамыы күрэҕэр, байыаннай дьыаланы уонна устуоруйаны билии тургутугар, байыаннайдыы эстэпиэтэҕэ, “Автомат магазинын иитии” көрүҥнэргэ, күүтүллүбүтүн курдук, Ытык Күөл маҥнайгы нүөмэрдээх оскуолата, кими да иннигэр түһэрбэккэ, бастакы миэстэлэри ылан, чахчы үчүгэй бэлэмнээхтэрин көрдөрдүлэр. Аптамааты ыһыыга уонна хомуйууга, күүс-уох сайдыытын көрдөрөр түһүмэххэ, икки көрүҥҥэ, Чымнаайы оскуолатын байыастара чаҕылхай ситиһиини көрдөрдүлэр. Ытыы күрэҕэр Ытык Күөл иккис нүөмэрдээх оскуолатын “Албан” хамаандата кыайыыны сурунна.
Түмүккэ А.И. Софронов-Алампа аатынан Ытык Күөл маҥнайгы нүөмэрдээх оскуолатын бастакы хамаандата муҥутуур кыайыылаах буолла. Иккиһи В.И. Ленин аатын сүгэр Уолба орто оскуолатын хамаандата ылла. Үһүскэ бары көрүҥнэргэ эриэ-дэхси көрдөрүүлээх Г.Д.Бястинов-Бэс Дьарааһын аатынан Чымнаайы орто оскуолата тигистэ.
Эдэр байыастар уйаннарын-хатаннарын тургутар араас күрэхтэргэ туох баар кыахтарын туһанан кытыннылар. Бэйэ-бэйэҕэ өйөбүл буолуу-олус наадалаах сиэр, үтүө холобурун көрдөрдүлэр.
Бүгүҥҥү үгүс түбүктээх тэрээһини Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугун салалтата, учууталлара уонна преподавателлэрэ, үөрэнээччилэрэ уонна устудьуоннара бары биир сомоҕо буолан тэрийэн, үрдүк таһымҥа ааста. Волонтердар этэрээттэрэ үчүгэйдик үлэлээн, оннооҕор асчыттарга тиийэ күүс-көмө өйөбүл буолбуттарын бэлиэтиир наадалаах. Улуустан туһааннаах тэрилтэлэр салайааччылара кэлэн кыттыыны ылан, үтүө баҕа санааларын тиэрпиттэрэ күрэхтэһии кыттыылаахтарын сүргэлэрин көтөхтө.
Валентина КРИВОШАПКИНА, Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугун 7-с кылааһын үөрэнээччилэрэ Таисия АНДРЕЕВА, Диана СЛЕПЦОВА
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: