Хабылыкка, хаамыскаҕа үөрэтиэхтэрэ

Share

Москваҕа «Арассыыйа» норуоттар икки ардыларынааҕы быыстапкаҕа мас тардыһыытыгар, хабылыкка уонна хаамыскаҕа маастар-кылаастар ыытыллаллара былааннанар.

75 №- дээх павильоҥҥа ыалдьыттарга уонна быыстапканы көрөөччүлэргэ анаан, успуорт национальнай көрүҥнэригэр маастар-кылаастар ыытыллыахтара. Бу туһунан СӨ Успуорт министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Ким баҕалаах мас-рестлиҥҥэ бэйэтин күүһүн холонон көрүөн, хабылыкка уонна хаамыскаҕа үөрэниэн сөп.

«Арассыыйа» быыстапка-пуорум РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудаҕынан 2023 сыл сэтинньи 4 күнүттэн 2024 сыл муус устар 12 күнүгэр диэри ыытыллар. Сыала- соруга — Федерация субъектарын сайдыыларын үтүө уопутун, дойду дьоһун ситиһиитин  көрдөрүү буолар.

Сэтинньи 12  күнүгэр быыстапка иитинэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнэ ыытыллар. Норуот хаһаайыстыбатын ситиһиитин быыстапкатыгар (ВДНХ) 75 № -дээх павильоҥҥа эрэгийиэҥҥэ анаммыт далааһыннаах тэрээһиҥҥэ ыалдьыттар мустуохтара. Манна дьаарбаҥка бэртээхэйэ, ас-үөл дегустацията буолуоҕа.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Социальнай төлөбүрдэр тохсунньуга хаһан түһүөхтэрэй?

Социальнай төлөбүрдэр тохсунньуга кыраапыгынан түһүөхтэрэ. Бу туһунан Дьокуускайдааҕы социальнай управление иһитиннэрдэ.   70-80 саастарын туолбут…

7 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Ахсынньы 31 күнүгэр «Хара Ый» үүнүөҕэ

Ахсынньы 31 күнүгэр - 2024 сыл бүтэһик күнүгэр саҥа Ый үүнэр. Бу күҥҥэ "Хара Ый"…

8 часов ago
  • Интервью
  • Сонуннар

Мария Столярчик: “Дьиэ кэргэним – дьылҕам бэлэҕэ”

Аҕыйах хонугунан Дьиэ кэргэн сылын атаарыахпыт. Онон бу үтүө сылы түмүктээн, Саҥа дьыллааҕы хаһыаппытыгар элбэх…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокутаат Виктор Лебедев оҕолорго бэлэхтэри туттарда

Дьокутаат Виктор Лебедев уонна "Саханефтегазсбыт" аатыттан М.Е. Николаев аатынан Мэдиссиинэ киинин - 1-кы №-дээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи…

9 часов ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Намҥа сүппүт киһини көрдүүллэр

Бүгүн, ахсынньы 30 күнүгэр, Нам улууһун Түбэтигэр  1949 сыллаах төрүөх киһи сүппүт. Бу туһунан СӨ…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

1977 сыллаах моҕойдор: «Оҕо буолан ылар курдук дьол суох…»

Кэлээри турар сылга, Моҕой сылыгар төрөөбүт дьон 12 сыл  анараа өттүгэр Саҥа дылы хайдах көрсүбүттэрин,…

11 часов ago