Хаһаайыннаах ыттар дьоҥҥо-сэргэҕэ саба түһүүлэрэ бу сайыҥҥы үс ый иһигэр биллэ элбээбит.
Былырыыҥҥы дааннайынан, Бэтэринээрийэ департаменыгар быраабы араҥаччылыыр уорганнартан, бэс ыйын саҥатыттан атырдьах ыйа бүтүөр диэри, Дьокуускайга 80-ча киһи ыкка ытыттарбытын туһунан матырыйаал киирбит. Мантан 34-дэ хаһаайыннаах, 46-та бэйдиэ сылдьар ыттар. Быйыл киин куоракка докумуоҥҥа киирбитинэн 150 түбэлтэ бэлиэтэммит. Мантан 104-дэ хаһаайыннаах, 46-та бэйдиэ сылдьар ыттар.
Бэтэринээрийэ департаменын иниспиэктэрдэрэ быраабы араҥаччылыыр уорганнартан маннык матырыйааллары тутан баран, ыттары тутууга сайаапкалары ыыталлар. Өскөтүн, ыт хаһаайыннааҕа билиннэҕинэ, быраабы араҥаччылыыр уорганнарга ыт хаһаайынын буларга докумуону төттөрү ыыталлар эбит. Бу отчуоттанар кэм устата уопсайа 36 сэрэтэр үлэ ыытыллыбыт.
Бу сылга уопсайа ыты быстах кэмҥэ тутар «Помоги выжить» пууҥҥа 2404 ыт киирбит. Олортон 1459 ыты сайаапканан хомуйан, оттон 945 ыты дьон бэйэлэрэ аҕалан туттарбыттар. 157 ыт хаһаайыттарыгар төннөрүллүбүт. Билигин ыты тутар пууҥҥа 944 ыт баар. Бэлиэтээн эттэххэ, суут быһаарыытынан ыттары көҥүл ыытар бобуллубута. Онон бу сыл устата ыты тутар пуунтан биир даҕаны ыт көҥүл ыытыллыбатах. Ол эрээри ыттар дьоҥҥо саба түһэр түгэннэрэ аҕыйыахтааҕар, өссө элбээбит. Оттон эппиэтинэһэ суох хаһаайыттары кытаанахтык уодьуганныыр туһунан дьаһал хаһан тахсыай?
Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…
“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…
LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…
Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…
Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга саамай…
Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…