СӨ бастакы ыҥырыылаах Ил Түмэнин бэрэстэбиитэллэрин Палаататын бэрэссэдээтэлэ, СӨ үтүөлээх юриһа Афанасий Илларионов аатын сүгэр Чурапчы улууһун Хайахсыт орто оскуолата 2021 сылтан уһуйааны кытта бииргэ үлэлиир статустаах оҕо тэрилтэтэ буолбута. Оскуола 1929 сыллаахха төрүттэммит. 1952 сылтан 7 кылаастаах, 1973 сылтан орто оскуола, 2021 сылтан холбоһуктаах оскуола-уһуйаан буолбута.
Кэрэхсэбиллээҕэ баар, икки мэндиэмэннээх таас оскуоланы Хайахсыт орто оскуолатын выпускниктара Дмитрий Поисеев уонна Ньургун Климов бэдэрээтчиттээн, икки сыл иһигэр тутан дьэндэттилэр. Оскуолаҕа бүгүҥҥү күҥҥэ 90 оҕо үөрэнэр, 40 оҕо уһуйааҥҥа сылдьар. Хайасхыт инники кэскилин 70 учуутал үөрэтэр-такайар.
Саҥа дьиэ аһыллыытын кэмигэр ыалдьыттар киинэ лиэнтэтин курдук оскуола-уһуйаан олоҕуттан билсэн ыллыбыт. Ол курдук, 11-с кылаас үөрэнээччитэ Айыстан Говоров «Үрүҥ Уолан» эдэр аармыйа үлэтин билиһиннэрдэ. Алын кылаас оҕолоро олоҥхолоон көрүстүлэр. «Точка роста» кэбиниэттэрэ олох да номнуо научнай-чинчийэр лаборатория буолбуттар. 6-с кылаас үөрэнээччитэ Эдик Монастырев эргэ уонна саҥа оскуола сылааһын чинчийбитин анал аппараатыгар көрдөрөн кэпсээтэ.
Ити курдук, Тыа сирин территорияларын сайыннарыы бырагырааматынан тутуллубут саҥа оскуола-уһуйаан туһунан киһи кэпсиирэ үгүс. Ону сиһилии билиһиннэриэхпит.
Хайахсыттан Елена ПОТОЦКАЯ.
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…
Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо диэн ЯкутияDaily иһитиннэрэр: https://t.me/yakutiadaily/45038