Күһүҥҥү тымныы, саппарах ардахтаах күн Дьокуускайтан 3,5 көс тэйиччи сытар Капитоновкаҕа баар кырдьаҕастар, инбэлииттэр дьиэлэригэр айаннаатым. Мыраан тэллэҕэр, бэрт бүччүм сиргэ дьоҕус чосуобуна, хонтуора, икки этээстээх уһун дьиэлэр тураллар. Бу икки куорпуска кырдьаҕастар олороллор, эмтэнэллэр. Киэҥ тиэргэҥҥэ спортивнай былаһаакка, тэпилииссэ, сибэкки олордор клумбалар, күүлэйдиир суоллар бааллар. Сайын манна күп-күөх, тыа сиригэр курдук нус-хас быһыылаах. Чугаһынан өрүс боротуоката устар, манна киирэн балыктыыллар.
В.И. Кононов аатынан Капитоновкатааҕы кырдьаҕастар, инбэлииттэр интэринээт-дьиэлэрэ 1971 сыллаахха тэриллибитэ. Бу сыл өрөспүүбүлүкэҕэ бастакынан типовой дьиэ тутуллан, үлэҕэ киирбитэ.
Билигин интэринээт-дьиэҕэ 203 киһи (олортон 156 инбэлиит) олорор, 165 үлэһит баар. Манна бэйэлэрин көрүнэр кыахтара суох буолбут, көрүүгэ-истиигэ, эмтэниигэ наадыйар эр дьон 60, дьахталлар 55 саастарыттан уонна 1-кы, 2-с группалаах инбэлииттэр киирэн, хосторго иккилии-үстүү буолан олороллор. Сороҕор манна билсэн-көрсөн баран, ыал буолаллар. Ол курдук холбоспут 4 ыал олорор. Марта уонна Тимур Хуснутдиновтар интэринээккэ көрсөн, 25 сыллааҕыта ыал буолбуттара, быйыл үрүҥ көмүс сыбаайбаларын бэлиэтээбиттэрэ.
Бу күннэргэ Кырдьаҕастар дэкээдэлэрин бэлиэтээн, элбэх тэрээһиннэр ыытыллаллар. Шефтэһэр тэрилтэлэр кэлэн, эҕэрдэлээн бараллар. Холобур, Марха оскуолатын, кадетскай оскуола оҕолоро бэйэлэрин илиилэринэн аккырыыкка оҥорон, хас биирдиилэригэр бэлэхтээтилэр. Кадеттар түннүк аннынан устуруойдаан хааман, кырдьаҕастары сэргэхситтилэр.
Уопсайынан, элбэх тэрилтэни кытта сөбүлэһии түһэрсэллэр эбит. Онуоха ким да аккаастаабат. Холобур, Саха тыйаатырын, “Сахафильмы”, түмэллэри кытта дуогабардаспыттарын түмүгэр, кырдьаҕастар босхо киинэ, испэктээк көрөр, экскурсияҕа сылдьар кыахтаннылар. ХИФУ психологияҕа институтун, креативнай индустрия кэллиэһин, технологическай сервис тиэхиньикумун, гериатрия киинин, көрбөттөр анал бибилэтиэкэлэрин, о.д.а. кытта дуогабардаахтар.
Епархияттан сыһыарыллыбыт Корнелий аҕабыт чосуобунаҕа кэлэн, итэҕэллээхтэри кытта үлэлэһэр.
Олохторун таһыма тупсарын туһугар
Кистэл буолбатах, кырдьаҕастар дьиэлэрэ диэн иһиттэхтэринэ, сорох дьон кыараҕас, кирдээх, куһаҕан сыттаах, киһи кыаммат буолан баран, эрэйи көрөр сирэ диэн санаалаахтар. Суох, бу ойдом турар дьиэ күннэтэ түбүгүрэр, дьарыктанар, толору олоҕунан оргуйан олорор эбит.
Биллэн турар, дыбарыас, саҥа тутуллубут уораҕай буолбатах. Мин көрдөхпүнэ, үстүү миэстэлээх хостор киһи олороругар кыараҕас курдуктар. Хосторго тэлэбиисэрдэр, халадыынньыктар, сиэркилэлэр, чаһылар, о.д.а. бааллар. Үгүстэр ноутбуктарын тутан сыталлар. Ааннарга ким олорорун биллэрэр ааттара, хаартыскалара ыйаммыттар.
Оттон көрүдүөргэ, холлга сынньанарга дьыбааннар, саахыматтыыр сир, бильярд, теннис остуоллара бааллар. Көрүдүөргэ сибэккилэр, истиэндэлэр, хартыыналар ыйаммыттар. Соторутааҕыта Художественнай училищены кытта кэпсэтэннэр, 18 хартыынаны бэлэх биэрбиттэрин, устудьуоннар үлэлэрин сыл аайы биэриэх буолбуттарын үөрэ, махтана ахталлар.
Бастакы этээскэ эмтиир физкультура хоһо, массаас, стоматолог кэбиниэтэ, көмпүүтэр хоһо, фитотерапия хоһо, көрсүһэр хос, аактабай саала, бибилэтиэкэ бааллар. Аактабай саалаҕа сүүрбэччэ киһи мустан, караоке ыллыы олороллоругар киирэ сырыттыбыт.
Дириэктэри мэдиссиинэҕэ, социальнай үлэҕэ солбуйааччы Алексей Шестаков батыһыннара сылдьан, кэбиниэттэри көрдөрөр. “Биллэн турар, дьиэбит эргэрдэ, – диир кини. – Ол эрээри, кыахпыт баарынан саҥардабыт, тупсарабыт”.
Салгыы баанньыкка, сууйар-өтүүктүүр кэмбинээккэ илдьэн көрдөрдө. Нэдиэлэ ахсын олохтоохтору барыларын сууннараллар, таҥастарын сууйаллар. Кыанар дьон 20 киһи тэҥинэн киирэр баанньыгар сылдьалларын олус сөбүлүүллэр. Кыамматтары сытыаран, олордон эрэ сууйаллар. Баанньыкка уһуннук үлэлээбит Полина Колосова – олохтоохторго биир саамай ытыктанар киһи.
Манна таҥаһы куурдар, өтүүктүүр улахан аппараат болҕомтону тардар. Кэмбинээт үлэһиттэрэ кырдьаҕастар таҥастара куруук ыраас, өтүүктээх, хос сыта суох буоларын ситиһэллэр.
Күҥҥэ түөртэ-биэстэ аһаталлар. Убаҕас аһы эрэ аһыыр уонна сытар, араас ыарыылаах дьоҥҥо туспа меню оҥоһуллар. Эбиэккэ киирэн аһаан баран, мииннэрэ, торуойдара минньигэс, элбэх эттээх эбит диэн түмүккэ кэллим.
Саҥаны киллэрии
Мин манна кэлэн, кэпсэтэн баран, туох үчүгэйи булан көрдүм?
2020 сылтан саҕалаан анал үлэ ыытан, 22 киһини аймахтарыгар, дьиэлэригэр төнүннэрбиттэр. Психологтар, социальнай үлэһиттэр бу дьон аймахтарын булан, сылы быһа кэпсэтиини ыытан, көрүһүннэрэн, биир тылы булларан, улахан үлэни ыыталлар. Киһи дьылҕата араас. Үксүгэр, кырдьаҕастар эдэр сылдьан, кэргэннэриттэн арахсан баран, оҕолорун көрбөтөх-харайбатах, эбэтэр, иһэн-аһаан сылдьыбыт кэмнээх буолаллар. Ол иһин хомойуу, кыыһырсыы баар буолар. Ону эйэлэһиннэрэн, дьиэ кэргэни бииргэ холбууллара хайҕаллаах дьыала.
Аны туран, 8 киһини тиэхиньикумҥа үөрэттэрэн, идэ ылалларыгар, үлэ булалларыгар көмөлөспүттэр.
Санкт-Петербурдааҕы инбэлиит оҕолор төрөппүттэрин түмэр ассоциация анал бырагырааматынан, икки уолу бэйэлэрин көрүнэллэригэр, астанан аһыылларыгар, сууналларыгар-хомуналларыгар үөрэтэн баран, “Тренировочная квартира” диэҥҥэ көһөрбүттэр.
Интэринээт-дьиэ олохтоохторун истэригэр волонтердар бааллар. Кинилэр үлэһиттэргэ көмөлөһөллөр. Соторутааҕыта байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар анаан, блиндаж чүмэчилэрин уонна саһыарар сиэккэлэри өрөн, оҥорон ыыппыттара. Оттон үлэһиттэр “Донбасска көмөлөһөр хотугулуу-илиҥҥи пуондаҕа” 550 тыһыынча солкуобайы, “СӨ бастакы бэрэсидьиэнин пуондатыгар” 43 тыһыынча солкуобайы хомуйбуттара.
Хас биирдии үлэһит биир хоско куратор буолар, туох баар боппуруостарын быһаарсар. Бэл, дьиэлэриттэн мал-сал аҕалан биэрэллэр.
Быйыл “Аһаҕас аан күнүн” оҥорбуттар, онно 25 киһи кэлбит. Аймахтарын булан, кэпсэтэн, ыҥырбыттар. Аны сыл аайы биир дойдулаахтар күннэрин тэрийэллэр. Улуус дьаһалталарын кытта кэпсэтэн, биир дойдулаахтара кэһии хомуйан аҕалан, кэнсиэртээн, көрсүһэн, ас тардан, чэйдээн баралларын ситиһэллэр. Киин, илин эҥээр улуустартан сыллата кэлэ тураллар. Олохтоохтор маннык көрсүһүүлэртэн олус үөрэн, дойдуларыгар сылдьыбыт саҕа сананан хаалаллар. Умнан, быраҕан кэбиспэтилэр диэн үөрээхтииллэр. Киһиэхэ кыра да наада эбээт…
“Биһиэхэ киирбит дьон үйэлэрэ уһуур”
2022 сылтан “Старость в радость” диэн кырдьаҕастарга, инбэлииттэргэ көмөлөһөр аһымал пуонда федеральнай бырайыагын кыттыылаахтара буолаллар. Манна дириэктэр, үлэһиттэр Москваҕа баран, куурустарга үөрэнэн кэлбиттэрэ. Аһымал пуонда дойду үрдүнэн 700 кэриҥэ интэринээт-дьиэлэри түмэр, араас көмөнү оҥорор, сылы эргиччи интэриниэтинэн үөрэтэр. Саха сириттэн бу бырайыакка 4 интэринээт-дьиэ киирбитэ.
– Пуонда үлэһиттэрэ бырайыагы үчүгэйдик ылыммыккыт, бэркэ үлэлэтэн эрэҕит диэн сыаналаабыттарынан киэн туттабыт, – диэн кэпсиир дириэктэр Иннокентий Коротких. – Сүрүннээн, сытар киһини көрүү-харайыы кистэлэҥнэригэр үөрэтэллэр, олох атын көрүүлээхтэр. Дириэктэри бэйэтин хараҕын баайан, кэлээскигэ олордон, ыарыһах миэстэтигэр киллэрэллэр. Атын дириэктэр кинини аһатыахтаах. Бу курдук кыаммат киһини өйдүүргэ, кинини көрүү-харайыы ымпыгар-чымпыгар үөрэтэллэр. Маннык үөрэх кэнниттэн киһи сыһыана уларыйар.
Холобур, сытар киһи илиитэ-атаҕа хамсаабат буоллаҕына, тириитэ бааһырар (пролежни). Ол буолбатын туһугар, 2 чаас буола-буола, эргитэн биэриэхтээххин. Санитарка кэлэн, хаҥас өттүгэр эргитэн баран, буккуур тахсыбатын курдук, ону хайаан да сурунаалга суруйуохтаах. Онтон икки чааһынан кэлэн, уҥа өттүгэр эргитэр. Маны тутуһар буолан, биһиэхэ сытартан бааһырар киһи суох.
Бу үөрэх түмүгүнэн өрөспүүбүлүкэҕэ сэминээр ыыппыппыт, 70 киһи кэлэн үөрэммитэ.
–Иннокентий Владимирович, эһиэхэ хайдах дьон үлэлиирий?
– Араас дьон кэлэр. Ол эрээри, сыыйыллан барааччы барар. Ким эрэ үлэтин кыайбат, ким эрэ сиргэнэр, ким эрэ дьону кытта сыһыана табыллыбат. Оттон дьиҥ тулуурдаах, дьону кытта тапсар үлэһиттэр хаалаллар.
Үлэлэрэ наһаа ыарахан, онон сүрүн хаачыстыбалара – тулуур уонна эппиэтинэс диэм этэ. Саҥа үлэлии кэлэр дьоҥҥо этэбин – бу оскуолаттан, уһуйаантан букатын атын эйгэ. Кырдьаҕастар мөлтөөн иһэллэр, түөһэйэллэр, болҕомтону ирдииллэр. Ону барытын тулуйан, киһилии сыһыаннаһан үлэлиэххэ наада.
Путин “ыам ыйынааҕы ыйаахтарын” кэнниттэн, хамнас хас да бүк үрдээбитэ. Урут үлэһиттэрбит тиийбэт буолаллара. Билигин былдьаһык. Бэл, үрдүк үөрэхтээх дьон санитардыыллар.
Көрүүгэ-истиигэ, үчүгэй аска, эмтэниигэ сытар буолан, манна киирбит дьон үйэлэрэ уһуур. Орто саастара – 68. Саамай уһун үйэлээхпит – тыыл бэтэрээнэ, 94 саастаах Семен Петров.
Куорат балыыһаларын кытта ыкса үлэлэһэбит. Харах балыыһатын быраастара түөртэ кэлэн үлэлээн, эпэрээссийэлээн бардылар. Гериатрия киинигэр сотору-сотору киирэн, эмтэнэн тахсаллар. Дьокуускай Мэдиссиинэҕэ киинин исписэлиистэрэ көрөн-истэн, инбэлииккэ тахсар докумуоннарын оҥороллор. Бу улахан дьыала, инбэлииккэ кэмигэр таҕыстахтарына, биэнсийэлэрэ үрдүүр, эбии үп көрүллэр, онон олохторун хаачыстыбата тупсар. Уопсайынан, билигин биһиэхэ киирэргэ уһун уочарат баар буолла.
– Хамсык эһиэхэ хайдах ааспытай?
– Пандемия элбэххэ үөрэттэ диэххэ сөп. 40-нуу күннээх симиэнэҕэ үлэлээн, сабыллан олорбуппут. Онно ким хайдаҕа-туга биллэр. Кырдьаҕастарбытын кытта бииргэ аһаан, утуйан, суунан сырыттахпыт. Кинилэр олохторун ис-иһиттэн билэҕин. Кэлэктиипкэ да быдан чугаһастыбыт. Олохтоохтор бэрээдэккэ үөрэннилэр.
“Ковид” эмискэ ааҥнаан кэлбитигэр, бырабыыталыстыбабыт Арассыыйаҕа бастакынан интэринээттэри сабыылаах эрэсиимҥэ көһөрөн, эбии төлөбүр оҥорон, тута сөпкө дьаһаммыта. Туох эрэ тиийбэтэҕинэ, суһал ыстаап, министиэристибэ тута быһаарыы ылына охсоллоро. Былаас биһигини истэрин, көмөлөһөрүн билбиппит. Ол да иһин, Саха сирэ кыра сүтүктээх аһарыммыта. Таах олорон биэрбиппит буоллар, мөлтөх доруобуйалаах дьон маассабайдык “барыахтарын” сөп этэ. Тэрээһин үлэтэ элбэҕи быһаарар.
Бу кэнниттэн үлэбитин ырытан көрөбүт. Олохтоохтор, үлэһиттэр ыйытыктарга хоруйдууллар. Ол ону ырытан, науканан сирдэтэн, үлэбитин торумнуубут. Билигин балыыһа курдук буолбакка, социальнай дьиэ курдук хайысхаланыахпыт.
“Усулуобуйа үчүгэй”
Петр Дьячковскай, 79 саастаах:
– Кэргэним бу интэринээт-дьиэ кулуубугар үлэлээбитэ. Мин манна столярынан, сантехнигынан үлэлээбитим. Уонча сыллааҕыта, кэргэним өлбүтүн кэннэ, киирбитим. Икки оҕолоохпут, кыыһым Сунтаарга кийиит, 3 оҕолоохтор. Уолум куоракка таксыыһынан үлэлиир. Оҕолорбун, сиэннэрбин кытта билсэ олоробун. Улахан эпэрээссийэни ааспытым, сааһырдаҕым, онон манна олорорум үчүгэй.
Манна усулуобуйата, үлэһиттэр сыһыаннара үчүгэй. Көрдөһүүлээх буоллаххына, куораттан булан аҕалаллар. Миэдиктэр доруобуйаҥ туругун ыйыта сылдьаллар, эмп булан биэрэллэр. Кыра маҕаһыын үлэлиир.
Иллэҥ кэммэр өҥнөөх харандааһынан уруһуйдуурбун сөбүлүүбүн. Быыстапкалаабытым. Урут хомус оҥорор этим. Үс хомуһум Хомус аан дойдутааҕы түмэлигэр хараллан сыталлар. Хомус Уйбаан оскуолатыгар хомус тардарга үөрэммитим, билигин кэнсиэртэргэ кыттабын. Сороҕор ыллыыбын. Интэринээт-дьиэ олоҕор көхтөөхтүк кытта сатыыбын.
Афанасий Охлопков, 78 саастаах:
– Мин манна олорбутум уонча сыл буолла. Дьиэм суох, ол кыһалҕатыттан олоробун. Манна усулуобуйата үчүгэй, тото-хана аһыыбыт. Биир саамай сөбүлүүр сирим – баанньык. Полина Николаевнаҕа олус махтанабын.
Мин ЛФК хоһугар дьарыктанабын, салайааччыбыт Надежда Васильева олус болҕомтолоох. 4-5 киһи сылы эргиччи, биир да күнү көтүппэккэ сылдьар. Кыһыннары-сайыннары сарсыарда аайы тахсан хаамабын, ойуурга сир астыырбын сөбүлүүбүн.
Бибилэтиэкэрбит уопуттаах үлэһит, тэрээһин бөҕөтүн тэрийэр. Култуура үлэһитэ Лена Монастырева үлэтин үчүгэйдик саҕалаата. Куоракка илдьэн, түмэллэргэ, зоопаркаҕа, киинэҕэ сырытыннарар. Онон кыанар дьон сэргэхтик олоробут.
Киэн туттар үлэһиттэрэ
Ыстаарсай санитарка Людмила Обутова 1971 сылтан үлэлээбитэ. Саха сириттэн аан бастакынан Арассыыйаҕа “Бастыҥ социальнай үлэһит” аатын ылбыта. Оҕолоро, сиэннэрэ эмиэ интэринээт-дьиэҕэ үлэлииллэр.
Сиэстэрэ Галина Власова быйыл “Үлэ киһитэ” бириэмийэни ылбыта. Кини эмиэ 1971 сылтан үлэлиир.
Сэтинньи 22 күнүгэр Дьокуускай куоракка биир дойдулаахпыт, киэн туттар киһибит, Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөйүн ырыатын хос…
Сэтинньи 23 күнүгэр Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан икки киһи сүппүтүн туһунан суһал иһитиннэрии…
Аммалар күндү күтүөттэрэ, Бөтүҥ нэһилиэгин олохтооҕо, тимир ууһа Георгий Олесов-Дьулус Уус сөбүлүүр дьарыга киниэхэ аҕатын…
Сэтинньи 19-23 күннэригэр Москваҕа П.И.Чайковскай аатынан консерваторияҕа эдэр пианистарга норуоттар икки ардыларынааҕы II куонкурус үрдүк…
Соторутааҕыта «Айар Кут сойуус» уонна Нам улууһун «Отуу уота» суруйааччыларын, хоһоонньуттарын түмсүүлэрин чилиэнэ, үлэ бэтэрээнэ…
Былыр-былыргыттан сахалар оҕо төрөөн киһи-хара буолуор диэри оҕолорун олохторун ырыҥалыыллара. Саастарын ситтилэр даҕаны ыал оҥортуурга…