Дойду үрдүнэн бигэргэммит болдьоҕунан БКЭ тутар сүрүн күнүгэр абитуриент туох эмит төрүөтүнэн кыттар кыаҕа суох буоллаҕына, эксээмэни туттарарга саппаас күннэр көрүллэллэр диэн Госдуума Билимҥэ уонна үрдүк үөрэххэ кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Мажуга эттэ.
Госдуума дьокутаата чуолаан сааскы халаан уутун содулларын туһунан кэпсээтэ. Ону сэргэ өрүстэргэ уу тахсыыта сыл устата хаста да хатыланыан сөптөөҕүн санатта. Ол курдук, урукку сылларга Саха сиригэр, Тываҕа, Алтаайга уонна Хакасияҕа халаан уута биир кэлим эксээмэннэри туттарыыга кутталы үөскэтэ сылдьыбыта биллэр. Быйыл Рособрнадзор итинник сабаҕалааһыннары учуоттаата диэн дьокутаат бэлиэтиир.
«Абитуриентан тутулуга суох ханнык эрэ төрүөтүнэн эксээмэни туттарар кыаҕа суох буоллаҕына, биллэн турар, саппаас күннэр көрүллэллэр», — диэн быһаарда парламентарий. Онон оскуола выпускниктара долгуйар төрүөттэрэ суох, барыта эрдэтинэ тэрээһиннээхтик ыытыллыаҕа диэн эбэн эттэ Александр Мажуга. Бу туһунан «Парламентская газета» суруйар.
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…