Бүлүү федеральнай суолга массыына түҥнэстибит

Share

Хаар түһэн уонна күүскэ тымныйа илик буолан, тимир көлөҕө улахан халтараан буолбут. Бэҕэһээ, алтынньы 6 күнүгэр, «Бүлүү» федеральнай суол 249-с км-гэр (Горнай улууһа)  киэһэ 5 чааска 29 саастаах  эдэр киһи  Тойота  Филдерынан тимир көлөнү ситэн иһэн, сатаан урууллаабакка суолтан тахсан түҥнэстибит. 

Саахал кэмигэр  массыына иһигэр кэргэнэ,  4 уонна 5 саастаах оҕолоро бааллар эбиттэр.  4 саастаах оҕо саннын хаҥас оҥкумалын уҥуоҕун тоһуппут, онон амбулаторнай эмтэниини ааһар. Оттон суоппар уонна кэргэнэ, иккис оҕо араас эчэйиини ылбыттар. Оҕолор уонна кэргэнэ анал курунан баанан олорбуттар. Суоппар аһыы утаҕы испэтэх.

Саха сиринээҕи ГИБДД управлениетын пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн,  саахал аспааллаах сиргэ буолбут уонна хаар түһэ турбут. Ол аата суол халтараан буолан биэрбит.  Онон бу күннэргэ, инчэҕэй хаар түһэр кэмигэр,  тимир көлөлөөхтөр сэрэнэн айанныыллара ирдэнэр.

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Сонуннар

26 саастаах дьахтарга холуобунай дьыала көбүтүлүннэ

Дьокуускайга полиция 3 отделын дьуһуурунай чааһыгар эт-хаан эчэйиитин ылбыт  Кангаласс олохтооҕо дьахтартан сайабылыанньа киирбит. Ол…

6 часов ago
  • Аҕа дойдуну көмүскээччи сыла
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сирин уонна Тюмень уобалаһын хамаандалара «Путь воина» күрэхтэһии кубогын иһин киирсиэхтэрэ

Бүтүн Арассыыйатааҕы байыаннай-тактическай «Путь воина» күрэхтэһии икки полуфиналын түмүгүнэн Саха сирин уонна Тюмень уобалаһын «ВОИН»…

7 часов ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Үлэлиир тэрилтэтиттэн 2,7 мөлүйүөнү уорбут

Дьокуускайга 35 саастаах дьахтар үлэлиир тэрилтэтиттэн 2,7 мөлүйүөн солкуобайы уоран, холуобунай дьыала тэрилиннэ. ИДьМ Силиэстийэлиир…

8 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Өбүгэлэрбит хаһаас астара

Уһун, тымныы кыһыннаах, тыйыс айылҕалаах хоту дойдуга олорор буоланнар, өбүгэлэрбит барахсаттар күөх сайын уунар уйгутуттан…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ил Дархан Үөһээ Бүлүүгэ үлэлиир

Бүгүн, балаҕан ыйын 18 күнүгэр, Үөһээ Бүлүүгэ үлэ сырыытынан Ил Дархан Айсен  Николаев уонна СӨ…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга снайпердар турнирдара буолуоҕа

Алтынньы 3-5 күннэригэр Дьокуускайга "Сулус" полигоҥҥа Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Охлопков аатынан "Бойобуой снайпинг" дьиссипилиинэҕэ…

9 часов ago